Перевод с якутского
көһүүн
даҕааһын
Нууччалыы медленный
English slow
Ис хоһооно · 7
1 даҕааһын #
даҕ
Тугу да билбэккэ сыарҕаҕа олорон иһэр киһи -- кэннин хайыһан көрөөрү гыммыта, саҕынньаҕа көһүүнэ бэрт буолан, кыайан эргиллибэтэ. В. Протодьяконов Кыыс хас да төгүл тыраахтар тиһилигэр атаҕын уураары уунна да, көһүүн таба күрүмэтэ кыайан уурдарбата. Дьолбут к. Таба ыстааным хаамарга көһүүн ХС
2 даҕааһын #
Хоччорхой, кытаанах эбэтэр олус халыҥ буолан бороҕой, бобуун (үксүгэр таҥас туһунан)
Нууччалыы Жесткий или слишком грубый, толстый, стесняющий движение (обычно об одежде)
3 даҕааһын #
Көһүйбүт курдук, аанньа токуруйбат (хол., тарбах, илии)
Нууччалыы Малоподвижный, неуклюжий, негибкий (напр., руки, пальцы)
Дьокуускайга биир хаһыат эрэдээксийэтигар -- үөрүйэҕэ суох көһүүн тарбахтарынан бадьахтаммыт ыарахан ис хоһоонноох суругу кытта кичэллэн оҥоһуллубут түөрт-биэс хаартыска тиийэн кэлбитэ. В. Яковлев Инчэҕэй таҥаһы көһүүн тарбахтарынан ылан, ытын хааннаах түүтүн сэрэнэн сотто, кичэйэн ыраастаата Н. Борисов Кытаанах, хоччорхой, токуруйбат (хол., түү). Θ Жесткий, твердый (напр., о перьях). [Буура Дохсун бухатыыр] үҥүүнү көлүннэри охсубут курдук көһүүн соҕус көҕүс түүлээх -- оҕо хотой кыыл буолан -- улуу халлаан улаҕатыгар олодуйа охсуллан таҕыста. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (3)
Тоҥсоҕой кутуругар эмиэ өйөнөр: кутуругун дороххой, көһүүн куорсуннара мас хатырыгар бөҕөтүк тирэнэллэр. ББЕ З Имигэһэ, сымсата суох. Θ Неуклюжий, неповоротливый. Көтөр эрэ барыта, көһүүн анды буолбатах. П. Тобуруокап Хойууктар, уйуктаах буолан баран, нэстэрэ, көһүүннэрэ кэпсэлгэ киирэр Багдарыын Сүлбэ
4 даҕааһын #
Тоҥуй, хаҕыс, тымныы; элэккэйэ суох, тоҥкуруун (киһи, сыһыан)
Нууччалыы Черствый, холодный, жесткий, нелюдимый; неприветливый
Баҕар эн, сэгэриэм, миигиттэн, Бу көһүүн, ыарахан киһиттэн, Хоргутан-хараастан ыллаатыаҥ, Кистээҥҥин бүтэйдии ытаатыаҥ? М. Тимофеев Дьүөгэлэрэ киниэхэ кэнникинэн тоҕо эрэ тоҥкуруун, көһүүн буолан испиттэр. С. Федотов Кини убайын курдук көһүүн буолбатах. Кыргыттарга сыстаҕас, онон [билсэр кыыс] баара чахчы П. Аввакумов
5 даҕааһын #
Бытаан, көнтөрүк
Нууччалыы Неповоротливый, неуклюжий, медлительный
Омос көрдөххө дайылгы, Көһүүн уолчаан ыксал кэмҥэ Оноҕос тэҥэ ойор эбит. Р. Баҕатаайыскай Наһаа мөдөөн, олус көһүүн курдук да, киниэхэ ким баҕарар ымсыырыах кыыма баар - сүрэх-санаа баҕата С. Федотов Саҥаны ылынымтыата суох, хаалынньаҥ, унуку. Θ Косный, рутинный, консервативный. Туох эмэ саҥа үөскээһинигэр онуоха көһүүннэр.
Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (2)
Сүөһү туһунан өйдүүрэ Сүрдээх тутах, көһүүн. Нуктуу түстэр эрэ Нус-хас олоҕу түһүүр. С. Тарасов Аныгы ыччат көһүүн буолла, үчүгэй өттүгэр, хайдах эрэ, ыараата дииргэ эрэ тиийиллэр Э. Соколов
6 даҕааһын #
Хойуу, сөҥ (куолас)
Нууччалыы Грубый, низкий и глухой (голос)
Татаар эмээхсинэ Фатима эр киһилии көһүүн куолаһынан кими эрэ мөҕөр И. Гоголев
7 даҕааһын #
Күүттэххэ бараммат, хамсаабат, барбат курдук бытаан (күн-дьыл, бириэмэ туһунан)
Нууччалыы Очень медленный, будто стоит на месте, остановилось (о течении времени - напр., при ожидании)
Хараҥа түүҥҥэ хонук сири көрдүүр кэриэтэ, күүттэриилээх дьыл-хонук Көһүүнүн ньии, кэлэрэ! Р. Баҕатаайыскай Бүтүн көһүүн чаас ааспытын кэннэ кинини иһирдьэ хоско аһарбыттара. Софр. Данилов. Көһүүн күн-дьыл аалыҥнаан Аргыый устар. К. Кулиев (тылб.)