Перевод с якутского
лаҕыыр
даҕааһын
Нууччалыы становиться черзвычайно грязным и грубым от долгого употребления, замусолиться, потерять вид
Ис хоһооно · 5
1 #
лаҕыыр буол кэпс. - 1) уһуннук туттуллан, кир мустан дьүһүҥҥүн сүтэрэ лабаҕыр, бороҕодуй
Нууччалыы Становиться черзвычайно грязным и грубым от долгого употребления, замусолиться, потерять вид (напр., об одежде)
Аан аһыллар, модьуун сиэбит борооскутун курдук түүтэ түһэн лаҕыыр буолан хаалбыт арбаҕастаах, нэк бэргэһэлээх оҕонньор киирэр. Н. Якутскай Көмүлүөк оһоххо лаҕыыр буолбут алтан солуурчах оргуйан бидилийэр. И. Федосеев; 2) көсп. Биир сиргэ биир дуоһунаска уһуннук олорон хал буол, нэһир. Θ Засидеться на одном месте (на одной должности). Айаҕымсах Замятин [үлэтиттэн] уурайбыта сөп. Айаҕымсах уонна лаҕыыр буолла. Н. Апросимов Лаҕыыр курдук кэпс. - уһуннук туттуллан киртийэн эбэтэр туох эмэ халыҥнык сыстан, биһиллэн лабаҕырбыт, бороҕодуйбут. Θ Заскорузлый, загрубевший от грязи, заношенный до неузнаваемости или чем-л. заляпанный слоями чего-л. (напр., об одежде). Лаҕыыр курдук кирдээх.
Өссө холобурдар (4)
[Кыаһай оҕонньор] Лаҕыыр курдук кирээстээх эргэ нэк истээх сүүһүн таҥаһын чэчэгэйин үрдүгэр өрө анньынна. Эрилик Эристиин Маша санааны көтөҕөр тыллары этиэн баҕарбыта да кыайан булбата. Дьүөгэтэ лаҕыыр курдук абырахтаах даба ырбаахытынан хараҕын соттубутун көрөн ордук долгуйда. М. Доҕордуурап Кыыһы сонно сууйдулар. Лаҕыыр курдук сэрбэйбит баттаҕын кырыйдылар. ХС Тэҥн. лааҕы, лаһыр I
2 даҕааһын #
, кэпс
Чочуобунам эмиэ чочуобуна буолбатах, маннааҕы сүүстэн сүүс хаайыы хаамыраларыттан биирдэстэрэ: хаптаһын муосталаах, ыарахан хара лаҕыыр халҕаннаах. ФЮ ӨИЭТ. "Саас-үйэ тухары хотуур түспэтэх лаҕыыр лаҥха буолан хаалбыт сирдэр", - диэн Яков хоруйдаата М. Доҕордуурап
3 даҕааһын #
Олус халыҥ уонна ыарахан
Нууччалыы Большой, массивный, очень тяжелый (о плоском предмете, напр., двери)
4 даҕааһын #
Уларыйбат, эбиллибэт биир кэм бытаан
Нууччалыы Мерный, однообразный, монотонный (напр., о шаге лошади или человека)
Лаҕыыр хаамыы. Харааныттан сүүрүүнэн түспүт Криговорницын уонна Слепцов лаҕыыр хаамыынан иһэллэрэ. Н. Абыйчанин Аттара лаҕыыр хаамыынан айанныырын абааһы көрөн, сис оройугар тахсаат, Ананий кымньыы быһынна. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
Тэҥн. лаһыай
5 #
, кэпс. Турбакка уһуннук (олор, сыт)
Нууччалыы Долго, подолгу, не вставая (сидеть, лежать). [Биһиги кэммитигэр] сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри лаҕыыр олорон тахсар киһи үксээтэ
"Кыым". Туохха барытыгар көрөр хараҕа, истэр кулгааҕа буоллаҕа, ол бэйэтэ таһырдьа тахсыбат, сиргэ сылдьыбат лаҕыыр орон киһитэ буолбут Чолбон Уларыйбакка уһуннук (биир сиргэ үлэлээ). Θ Без перемещения, постоянно на одном месте (работать). Куһаҕан үлэһит үлэлииргэ атын сири булара олус ыарахан, оттон хомсомуолус аан дойдуну бүтүннүүтүн көрүөн баҕарарын быһыытынан, лаҕыыр биир сиргэ үлэлиирин ыарырҕатар. КМИ КИи Т. Тэҥн лаҕыччы