ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

мичээр

аат тыл, туохтуур

Нууччалыы улыбка

English smile

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Нууччалыы улыбка

English smile

  • эдэр кыыс мичээрэ
    улыбка молодой девушкиthe smile of a young girl
I

2 туохтуур #

Үөрэн мичилийбит дьүһүннэн (киһи сирэйин-хараҕын туһунан)

Нууччалыы Радостно улыбаться (глазами, губами)

  • Тугу эрэ кистэллик сэрэнэн Хатыҥын төрдүгэр уурбута, Имнэрэ дьэдьэнник тэтэрэн, Истиҥник мичээрэ турбута.
    П. Тобуруокап
  • "Оо, Лоокуут!" - диэт, Ньургуһун сирэйэ халлаан сырдыгыныы ымайа мичээрбитэ. Дьүөгэ Ааныстыырап. Нуучча кыыһын күөх хараҕа Үөрэн мичээрэ түспүтэ
    Баал Хабырыыс

3 туохтуур #

Сылаастык, чаҕылыччы тык, сырдаа (күн, айылҕа туһунан)

Нууччалыы Светить ярко, излучая тепло (о солнце)

  • Им сардаҥаран, Тайҕа хаарын тэтэртэ, Тымныы туман дьайҕаран, Сааскы халлаан мичээрдэ. Эллэй. Эйигин эҕэрдэлээбит курдук сааскы күн түннүгүнэн күлүмнүү мичээрэр
    Н. Габышев
II

4 аат тыл #

Киһи сирэйигэр-хараҕыгар үөрүү-көтүү, көнньүөрүү иэйиитин көстүүтэ

Нууччалыы Улыбка. Көрдүм мин эн Көрсүө мичээргэр Күн күлүмүн, Хаар ырааһын. С. Данилов. Кини өйө-санаата муҥура суох дьолунан туолбутун туоһулуурдуу, арылыйбыт хара харахтара умуллубат мичээринэн чаҕылыҥнастылар. М. Доҕордуурап. Вера намчы мичээринэн кинээс Андрейы кытта тугу эрэ кэпсэттэ. Л. Толстой (тылб.). Ср. бур. миширхилэл, маньчж. миосири ‘улыбка’

«М» буукуба