ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

моруу

аат тыл

Нууччалыы мучение, страдание

1 аат тыл #

, кэпс. Киһиттэн ааһан-араҕан биэрбэт санаа муҥа

Нууччалыы Мучение, страдание

  • Туох үлүгэр моруутун көрдөрөҕүт?
  • Төһө да бииргэ олордоллор, дууһа моруута оҥостон, ыар баттык таһаҕас гынан [күнүүлээһини] төһөлөөх элбэх киһи кистээн-сабан, -- илдьэ сылдьаллара буолуоҕай?
    ПБН ОПТ

2 этии #

Нууччалыы Мучиться, страдать, изводиться, быть охваченным постоянным душевным беспокойством

  • Моруу буол - туохтан эмэ санаа эрэйигэр түс, олус санаарҕаа Куоракка хас да сыл кыстаары тыыным-быарым тууйуллан, моруу аҕай буолбутум.
    Н. Лугинов
  • Биир дойдулаахтарым тустарыгар дууһам моруу буолар.
    Н. Туобулаахап
  • [Маайа] манна өйдөөбүтэ - учуутал ыраас дууһата моруу буолан муҥу-сору көрбүтэ хайдахтаах дириҥин.
    ХС
Өссө холобурдар (4)
  • Моруу гын - тугунан эмэ киһи санаатын эрэйдээ, санаа муҥун көрдөр. Θ Причинять кому-л. муки, страдания. Мария Васильевна, мин дууһабын моруу гыныма, киһим ханна үһүнүй?
    Н. Якутскай
  • Оҕонньоргун моруу гыныма, кырдьаҕас киһини аһынар, харыстыыр сөп.
    А. Сыромятникова
  • Халааскылары икки ый устата хаайан, моруу гынан баран, бандьыыттар -- босхолуурга күһэллибиттэрэ. ВНГ ГОП
    Х. Русск
  • прост. мори

«М» буукуба