Перевод с якутского
мөх
туохтуур
Нууччалыы ругать, бранить кого-л. за что-л
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Киһи сөбүлээбэтин оҥорбутун иһин кими эмэ буруйдаан саҥар
Нууччалыы Ругать, бранить кого-л. за что-л
Киэһээ хараҥа буолуутун саҕана, Ылдьаана дьиэтигэр кэллэ. Эрим кыыһыран мөҕөр этэ диэн, куттана-куттана дьиэтигэр киирдэ. Н. Неустроев Микиитэни ийэтэ улаханнык мөхпүтэ. Амма Аччыгыйа "Бу күһүн турунуопуспун хостоон биэриминэҕин, ынахтарым уолан эрэллэр", - диэн Аана оҕонньорун мөҕөр буолла М. Доҕордуурап
2 туохтуур #
Киһини сүгүн мииннэрбэккэ өрө көтө, мөхсө сырыт, быраҕаттаа (хол., аты этэргэ)
Нууччалыы Становиться на дыбы, брыкаться, лягаться (напр., о лошади)
Биэ кулуннуу өрө мөхпүт да, кыайан төлө охсон куоппатах. МНН. "Дьэ, эн ат курдук мөх!" - диэн баран, баҕа күтэри кус гына быһа биэрбит.
Суорун Омоллоон"Ат мөхтө, киһини тэпсээри, сэби алдьатаары гынна!" - диэн саҥалар айманнылар Дьүөгэ Ааныстыырап
3 туохтуур #
Олоҕо суох буолан, олордоххо, үктэннэххэ хамсаан, түөрэҥнээн биэрэн киһини сууллар
Нууччалыы Из-за неустойчивости, шаткости опрокидывать, сбрасывать кого-л
Дулҕа Витяны түөрэ мөҕөн кэбиһэ сыһарыттан өрүһүнэригэр - соҕотох онуоха да сыратын бараата. Н. Заболоцкай Талах олоппос тиэрэ мөҕөр да, Чокомда ыаҕастаах сүөгэйин көтөхпүтүнэн күөрэ-лаҥкы барар И. Бочкарев
4 туохтуур #
Эмискэ хамсаан ыл, мөҕүл гын (сүрэҕи этэргэ)
Нууччалыы Забиться, задрожать (о сердце)
Ньургуһун сүрэҕэ эмискэ мөхпүтэ, итиинэн-тымныынан хаарыйтарарга дылы буолбута. Дьүөгэ Ааныстыырап. Маша сүрэҕэ түөһүн иһигэр кулун курдук мөҕөр. М. Доҕордуурап Дьаакып сүрэҕэ хайдах эрэ мөҕөн ылла Н. Заболоцкай Эмискэ уйбат курдук буолан ыл, хамсаа (сүһүөхтэри этэргэ). Θ Задрожать, затрястись (о коленях), отняться, лишиться способности двигаться (о ногах). Хоско киирэн тойон диэки баран иһэн, сүһүөҕэ мөҕөн тэмтээкэйдээн ылла. Болот Боотур
Өссө холобурдар (3)
Дьаакып сынньалаҥ пааркатын үрдүк кирилиэһин өрө тахсан иһэн, сүһүөҕэ кыратык мөҕөн ыларын билбитэ. Н. Заболоцкай Ыстапаан болуот хамсааһыныттан сүһүөҕэ мөҕөн хаста да оҕутта. И. Никифоров Ср. алт. мөкү ‘встать на дыбы’, др. -тюрк. мөн ‘становиться на дыбы, вскидывать зад (о лошади)’