ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

мөҕүс

туохтуур

Нууччалыы биться, метаться

1 туохтуур #

Хам бааччы сытар да, олорор да кыаҕыҥ суох буолан мээнэ хамсан, дэлби хамсаан таҕыс (хол., туохтан эмэ босхолоно сатаан, эбэтэр ыалдьан, тыын былдьаһан)

Нууччалыы Биться, метаться (напр., от боли или высвобождаясь от чего-л.)

  • Ууттан тахсыбыт собо мөхсөн лаһыйар.
  • Бэһис балаатаҕа Степанов сордоох билиҥҥэ диэри өйдөнө илик, -- тыынын былдьаһан мөхсөр.
    Н. Лугинов
  • Биирдэ өйдөнөн кэлбитим, оҥхой иһигэр сытар эбиппин, туох эрэ кыбыс-кытаанах хам баттаабыт. Мөхсөбүн.
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)

2 туохтуур #

Күүскэ тэбиэлээн ыл, мөҕүллэҥнээ (сүрэх туһунан)

Нууччалыы Забиться, задрожать (о сердце)

  • Оксана сүрэҕэ мөхсөн, уҥуоҕа хамсаан кэлтэ.
    Суорун Омоллоон
  • Орлосов хараҕа хараҥарталаан ылла, сүрэҕэ ойон тахсыах курдук мөҕүстэ, хаана ыгылынна.
    Н. Габышев
  • Аркаша нохтолоох тойон сүрэҕэ толугуруу мөҕүстэ
    ДьИэБ

3 туохтуур #

Быыһа суох туохха эмэ түбүгүр, туох эмэ түбүгэр түс

Нууччалыы Быть постоянно занятым чем-л., заваленным работой, хлопотать, суетиться, вертеться как белка в колесе

  • Анна Андреевна наар эт атыытыгар мөхсөн таҕыста. Софр. Данилов. Ити күнтэн ыла Сүөдэр, бурҕалдьытын кэппит оҕус курдук, эмиэ күннэр аайы үлэҕэ мүлкүллэн, мөхсөн барар.
    Н. Якутскай
  • Куорат тойотторо, атыыһыттар -- куораты урукку чөлүгэр түһэрээри араастаан мөхсөллөрө
    П. Филиппов

«М» буукуба