ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эрийис

Нууччалыы быть постоянно занятым чем-л., хлопотать, вертеться

1 #

Быыһа суох түбүгүр, кими, тугу эмэ кытта өрө мөҕүс (хол., кимниин эмэ бодьуустас)

Нууччалыы Быть постоянно занятым чем-л., хлопотать, вертеться (напр., возиться с кем-л.)

  • эрий I диэнтэн холб. туһ. Күөл мэндээркэй иэнигэр эрэһэ талааннара бэйэ-бэйэлэригэр эрийсэн, өрүтэ түллэҥнэстилэр.
    И. Сосин
  • Манна чысхаан тыаллар илэ эрийсэллэр.
    М. Тимофеев
  • Трунов саахта хонтуоратыгар төлөпүөнүнэн кими эрэ кытта эрийсэ олордо. "ХС"
Өссө холобурдар (7)
  • көр эрис. Икки оҕонньор саастарын тухары олох кыһарҕаныныын бэркэ эрийсэн, чугас доҕордуу буолтара.
    Н. Лугинов
  • Уопсайга Уоланнаах Быкаанап куолуларынан саахыматтаан эрийсэ олороллоро.
    Далан
  • Халла Элэмэһин [ат] биһигиннээҕэр эн ордук билэн эрдэҕиҥ, эрийсээ инибит.
    И. Федотов
  • Борис, Маайысчаан биир саамай эппиэттээх сиргэ ананна, сүрдээх кыыс, дьэ эрийсиэҕэ. "ХС"
  • Мин даҕаны күнү быһа оҕолору кытта эрийсэн, сылайан кэлэбин.
    Далан
  • Үлэтэ саныыр курдук чэпчэкитэ суох, күннүктээн кыра дьону кытта ылахтаһар, эрийсэр манан аххан буолбат эбит.
    Р. Кулаковскай
  • Бадарааннаах суолга матасыыкылы кытта күнү быһа эрийсэр сыанан аҕаабат
    П. Егоров

2 #

Кими эмэ кытта (эр киһи дьахтардыын, дьахтар эр киһилиин) эйэргэһэ сатаа, иҥээҥнэс, оонньос

Нууччалыы Стараться сблизиться с кем-л., добиваться взаимности (в чувствах), заигрывать (с женщиной, мужчиной)

  • Дусялаах -- күлсүү-салсыы мааны, олох саҥа эрийсэ сылдьар уоллаах кыыс курдуктар.
    Н. Босиков
  • Биир сааһырбыт киһи эрийсэр, дьахтар духуутун кутта-кутта кэлэ турар.
    У. Нуолур
  • Сонялыын элбэх уол эрийсэ сатыыллара, ол быыһыгар аҕа саастаах дьон да харахтарын хатыыллара
    Күрүлгэн

3 этии #

Этиилэр

Иэмэх курдук эрийсэллэр (иэхсэллэр) көр иэмэх

  • Боксуордар тэбис тэҥҥэ иэмэх курдук эрийсэллэр.
    Н. Лугинов
  • Роман Дмитриев Иран бөҕөһүн кытта -- иэмэх талах курдук тэҥҥэ эрийсэллэр.
    Е. Неймохов

Иэмэх талахтыы эрийсэллэр

иэмэх курдук эрийсэллэр (иэхсэллэр) диэн курдук (көр иэмэх).

  • Кинилэр аан дойду ааттаахтарын хабыр хапсыһыыларын, иэмэх мастыы эрийсэллэрин бэркэ сыныйан көрбүттэрэ.
    И. Федосеев
  • Бу сырыыга кыра ыйааһыҥҥа сүрүннээн эмиэ кэриэйдэрбитин кытта иэмэх мастыы эрийистибит. "Чолбон".

Иэн иҥиирин курдук эрийсэр көр иҥиир

  • Эйигин кытта иэн иҥиирин курдук эрийсэр, мас хайдыбытын курдук туруулаһар оҕо көстүбүт.
    Н. Неустроев
  • Күрэхтэһээччилэр тэҥ соҕус күүстээхтэр эбит, икки өттүттэн иэн иҥиирин курдук эрийсэллэр. "Сахаадаһ

«Э» буукуба