ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

намылхай

даҕааһын

Нууччалыы длинный, свисающий

1 даҕааһын #

даҕ

  • Ол онно намылхай Аарыма хатыҥнар, Киэҥ, холку буолуоххун Кэҥээ! - диир курдуктар.
    С. Данилов
  • [Оҕо биһигин] ыраах ойуурга илдьэн, саамай үчүгэй мас намылхай лабаатыгар ыйаан кэбиһэллэр.
    А. Сыромятникова
  • Нэлим сиэллээх, Намылхай кутуруктаах, нанаҕар түөстээх. Саха нар. ыр. II

2 даҕааһын #

Уһун, уһуннук намылыйан түспүт

Нууччалыы Длинный, свисающий

3 даҕааһын #

Биир тэҥ, унаархай, холку, нарын (куолас, ырыа туһунан)

Нууччалыы Тихий, нежный (о голосе)

  • Даарыйа эмээхсин намылхай саҥатынан уолун бардам быһыытын намырата соруммата.
    Амма Аччыгыйа
  • Ыалдьыт ах бара түстэ. Сотору намылхай куолаһынан ыйытта.
    Д. Таас
  • Намылхай ырыаны намыын тыал арыаллыыр, Сайаҕас санааны Саргылаан кынаттыыр
    И. Сосин

«Н» буукуба