ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

нук

Нууччалыы становиться вялым, расслабленным, бессильным

нук буол - сэниэтэ, күүһэ суох буол, улук буол

Нууччалыы Становиться вялым, расслабленным, бессильным

  • Уйбаанча, сирэйэ дьэс алтанныы кытаран, туох да сэниэтэ-күүһэ суох нук буолан кэлбитэ.
    Н. Якутскай
  • [Ааныка] сирэйэ кубарыйан, илиитин тымырдара көҕөрө тыраадыһан, нук буолан олорбута. П. Аввакумов; нус гын - кылгастык утуйан ыл, нуктаан ыл. Θ Задремать, вздремнуть. [Кыыс Хотун] санааҕа ылларан, нук гынар сэниэтэ суох, суругун туппутунан улам нөрүйэн барда.
    А. Сыромятникова
  • Балтараа чаас кэриҥэ нук гынан ыллым, ити иннинэ икки сууккаҕа утуйбакка сылдьыбытым эбээт. ВНГ ГОПХ; нук курдук - сэниэтэ суох, күүһэ өһүллүбүт. Θ Вялый, лишенный бодрости, бессильный. Маҥнай нук курдук буолан, сөрүүн салгынынан тыына-тыына налыйан сыппыта. Дьүөгэ Ааныстыырап. Лидия Власовна чиҥ-чаҥ саҥатыттан Даарыйа эмиэ нук курдук буола түспүтэ. Кустук; нук түс - сэниэтэ суох буолан бүк тутун, төнкөйө тутун. Θ Согнуться, наклониться вяло, расслабленно. Санааҕа ылларан, букатын охтон түһүөххэ айылаах, нук түһэн оҕонньор олорунан кэбистэ.
    А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (1)
  • Аһаан бүтээт, сылайбыт оҕолор нук түһэн утуйан хаалбыттара
    ХС

«Н» буукуба