Перевод с якутского
ньамаҕыр
туохтуур
Нууччалыы затягиваться тиной, зарастать водорослями
1 туохтуур #
Ньамаҕынан, салахайынан бүрүлүн, туол
Нууччалыы Затягиваться тиной, зарастать водорослями
Күөлбүт уута ньамаҕырбыт. Хамсаабакка сытар күөл ньамаҕыран, уута сытыйан, балыктара өлөн бараллар. НЕ
2 туохтуур #
Уулаах-хаардаах, кытарбыт, ириҥэрбит буол (харах туһунан)
Нууччалыы Быть воспаленным, покрасневшим, слезящимся, гноящимся (о глазах)
Сороҕун хойут ааҕыа, бу киэһэ бытархай буукубалары кыҥастаһарыттан сылайан, хараҕа уу-хаар буолан ньамаҕырда. П. Аввакумов Налбыһахпыт баттаҕа Ыһыллыбыт-бураллыбыт, Ньамаҕырбыт хараҕа ынырыктык уоттаммыт. Күннүк Уурастыырап Арай киһиттэн эрэ кыра уҥуохтаах, одуруун быһа сиэбит ньамаҕырбыт харахтаах Көлтөөһөп тыл быктарда ХС