ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ньир гын

туохтуур · этии

Нууччалыы содрогнуться, сотрястись с глухим шумом

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

биирдэм тыас туохт

  • Эһэ арҕаҕын үрдүнэн хаамыталаатыбыт, сир түгэҕэр эмиэ туох эрэ ньир гына түстэ.
    Далан
  • Тиит сир доргуйуор диэри ньир гына оҕутта.
    М. Доҕордуурап
  • Арамаан уҥа атаҕын олуйан баран анньарын кытта, киһитэ сир ньир гына түһүөр диэри тиэрэ таралыйбыта.
    СМН ТС

2 туохтуур #

Бүтэҥитик, ньиргийэн, доргуйан, дьириһийэн ыл

Нууччалыы Содрогнуться, сотрястись с глухим шумом

3 туохтуур #

Этиҥ-сииниҥ ис өттө бүтэйдии доргуйан эмискэ ыарытыйан ыл (хол., күүскэ охсууттан)

Нууччалыы Ощутить внезапную тупую боль глубоко внутри тела (напр., от сильного удара)

  • Тутан иһэр тарыырын Дьэргэ сыарҕатын ылаҕар батары биэрбитэ, илиитэ биирдэ ньир гына түстэ.
    Болот Боотур
  • Өттүгүм уҥуоҕа ньир гына түспүтэ, мин уйуттубакка охтубутум.
    Н. Якутскай
  • Оҕонньор уҥа көхсүн хараҕа ньир гына түһэр
    Р. Кулаковскай

4 этии #

Ньир гыннар кэпс. - быһа баттаан улаханнык саҥар Улаханнык саҥаран ньир гыннаран кэбиһэр. Амма Аччыгыйа. "Суох!" - диэн тахсыбыт уолаттар бары тэҥҥэ эппиэттээн ньир гыннардылар. "ХС"

Нууччалыы Сказать резким тоном, энергично

«НЬ» буукуба