Перевод с якутского
ньуолах
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы мягкий, пушистый, негрубый
1 даҕааһын #
Хатыыта суох, сымнаҕас, ньаассын
Нууччалыы Мягкий, пушистый, негрубый
Дьөгүөрдээн үөһээ уоһун икки уһугар бөлүөхсэ үүммүт сүрдээх убаҕас ньуолах бытыгын салбанан кэбиһэ-кэбиһэ, -- ботугуруур. Амма Аччыгыйа Тииҥ көп, ньуолах кутуруга Тымныыга суорҕан буолар, Оттон саһыл кутуруга Ааспыт суолун көмөн иһэр. С. Данилов Бүгүнү быһа, куба түүтүн курдук, ньуолах хаар тохтообокко түһэ турбута И. Сосин
2 аат тыл #
суолт. Ньаассын түү
Нууччалыы Пушок, мягкая шерсть
Алтан төбө түү ньуолаҕа үмүрүйбүтүн көрдөххүнэ, ардахта күүт. "Чолбон". Сибэкки иһэ баата курдук үрүҥ ньуолах бүрүөһүннээх. МАА ССЭҮү. Билигин хаар уймалас, киһи куба ньуолаҕын кэһэн эрэрин курдук. В. Санги Ср. др. -тюрк. йолыч ‘мягкая шерсть, пух козы’