ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ойуолаа

Нууччалыы идти, проходить быстротечно, скакать

1 #

Түргэнник ааһан, баран ис (хол., кэм-кэрдии, айылҕа көстүүтүн этэргэ)

Нууччалыы Идти, проходить быстротечно, скакать (обычно о времени, явлениях природы)

  • ой I диэнтэн төхт. көрүҥ. Саһыл көнөтүк барбакка туора-маары ойуолаабыт уонна арыт ыраах, арыт чугас ыстаныталаабыт.
    Болот Боотур
  • Маайыс, кымньыынан оҕустарбыт курдук, ходьос гынар, өрүтэ ойуолаан дьиэрэҥкэйдээбитинэн барар.
    Амма Аччыгыйа
  • Хап-хара тииҥ мастан маска ойуолаан субуруҥнатар. В. Иванов
Өссө холобурдар (2)
  • Оҕо саас ыллыы-ыллыы Ойуолаабыт суолунан Иһэбин сырдыы-сырдыы.
    И. Эртюков
  • Тиһэх сардаҥа тиэтэйэн Долгун устун ойуолуур, Ойон иһэн бүдүрүйэн, Охтон ууну ойуулуур
    Чэчир-76

2 #

Сорох сыһыаттары кытта холбоһон "улаатан таҕыс" диэн суолтаҕа туттуллар

Нууччалыы В сочетании с некоторыми наречиями употребляется в значении "увеличиваться, выпячиваться"

  • Хотой ньыгыл этин-сиинин хамсатан тыыллаҥнаабытыгар, сыыйыы тимир былчыҥнара уһулута ойуолаан ылбыттара.
    Д. Апросимов
  • Сахалар эппит-хааммыт төһө да эрчиллибитин иһин, уһулута ойуолаан тахсар оҥоһуута суох ыйаахтаах быһыылаах. ВВ Т
    Т. Ср
  • хак. ойла ‘бегать, бежать’

«О» буукуба