ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тыыт

туохтуур

Нууччалыы трогать, дотрагиваться, касаться кого-чего-л., прикасаться к кому-чему-л

Ис хоһооно · 6

1 туохтуур #

Кими, тугу эмэ таарый, даҕай, тут, таарыйан, даҕайан тутан көр

Нууччалыы Трогать, дотрагиваться, касаться кого-чего-л., прикасаться к кому-чему-л

  • Мантан бэттэх Маайыс билбэтин мээнэ тыыппат буолбут.
    Суорун Омоллоон
  • Этэллэрэ: "Тыытымаҥ букатын Көтөр кынаттаах уйатын".
    Баал Хабырыыс
  • Чаччыгыныардар ол эмэгэттэртэн куттанан, аны отону тыыппат буолбуттара
    И. Федосеев

2 туохтуур #

Кими, тугу эмэ аймаа, сүпсүгүрт

Нууччалыы Беспокоить, тревожить кого-л. [Кымырдаҕастарга:] Чэ, үлэһиттэр, кытаатыҥ, эйэлээх куораккытын тутунуҥ, аны мин эһигини тыытыам суоҕа

  • Өлбүттэри тыытымаҥ, түөһүмэҥ, Сүгүн сытыарыҥ, кэбиһиҥ!
    Баал Хабырыыс
  • "Олорорум иһин төлөбүрү ылаҕыт, атыныгар миигин мэһэйдээмэҥ, букатын тыытымаҥ", – диэбиттии тимир-тамыр туттара
    Чолбон
  • [Чүөчээски] икки атаҕа адьас улук буоллулар, сырата-сылбата быһынна, иһэ баранна, таҥаһыттан таҥас орпото, от-мас хайыта тыытан бараата.
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
  • Үлүһүйбүт бөрөлөр убаһалар тараһаларын хайыта тыыта, такымнарын иҥиирин сыыйталыы сырыттылар
    Р. Кулаковскай

3 туохтуур #

Кими эмэ күүс өттүгүнэн күөмчүлээ

Нууччалыы Применять грубую силу в отношении кого-л

  • "Бэрин, тыытыахпыт суоҕа!" – дии-дии Полянскай чугаһаан тиийбитигэр, бандьыыт уонча хаамыыттан охторбута.
    Амма Аччыгыйа
  • Бу күһүн эн сынньымаҥ диэн бирикээстээбитиҥ иһин, төрүт тыыппакка аҕаллыбыт.
    Эрилик Эристиин
  • Сир үрдүгэр өрүү суобаһын үрдүктүк тутар күүстээх харамайга барытыгар сокуон биир: сытан биэрбити тыыппаттар
    В. Титов

4 туохтуур #

Долгут, аймаа, күүрт

Нууччалыы Задевать, трогать, волновать

  • Михаил Сергеевич кэпсээнэ Айта санаатын тыыттаҕа.
    Далан
  • Кэрэ муусука киһи сүрэҕин тыытар, уйадытар, ардыгар көтөҕөр, өрүкүтэр даҕаны!
    Н. Габышев
  • Сурук миигин сүрдээҕин тыыппыта
    П. Аввакумов

5 туохтуур #

көмө туохт. суолт. Сорох сыһыаттары кытта ситимнэһэн хайааһын тэтимнээхтик, күүскэ буоларын көрдөрөр

Нууччалыы В сочетании с некоторыми наречиями обозначает интенсивность действия. [Маайыс:] Тыый, тыаҕа соҕотоҕун барыма, онно эһэ баар буолуоҕа, тырыта тыытан сиэн кэбиһиэҕэ

6 этии #

Этиилэр

Быаргын тарбаа (тыыт) көр быар

  • Оҕонньор өр соҕус күлэн быарын тыыттан баран тохтуур.
    Н. Якутскай
  • Саабынаан тэҥнэстэхпинэ эмдэй-сэмдэйбит. Аҕам ону көрө-көрө күлэн быарын тыытар буолара.
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (1)
  • Артур бүлүмүөт курдук бокуойа суох кут да кут, ол аайы Алёшенька быарын тыытта, иэрийэ-иэрийэ күлэр.
    ХС

Улахан (абааһы, үөдэн) тыыттын

сах сиэтин диэн курдук (көр сах).

  • Доҕоор, Клим, булду улахан тыыттын, буут биэрэ охсуохха.
    Суорун Омоллоон
  • Чулуу тааһым буола-буола, Чобоорхойо сатаама, Тохтоон эрдин, Үөдэн тыыттын, Сойуолаһа барыма! Эллэй. Доҕор Миша, эр киһилии, Кытаанахтык саҥартыыр: "Арахсыбыт да – сырыттын, Ааттаама, абааһы тыыттын!"
    Р. Баҕатаайыскай
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. ДТС тит ʽразрывать, раздиратьʼ, хак. тыт ʽтеребить шерстьʼ, кирг. тыт ʽтрепать, растрепать; теребитьʼ

«Т» буукуба