ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ойуур

аат тыл

Нууччалыы лес, лесная чаща

English forest

1 аат тыл #

Мас эгэлгэтэ хойуутук үүммүт сирэ, чугас эргин тыа (үксүгэр баараҕай, лиҥкинэс мастаах сис тыаттан, тайҕаттан атыны этиллэр)

Нууччалыы Лес, лесная чаща (в основном, кроме сплошного лесного массива и тайги)

  • Эмискэ атын эргитэ тардан, ойуур диэки тахсан барда.
    Суорун Омоллоон
  • Лааһары кытта ойуур суолунан аргыстаһан иһэн, бултуу барарга сүбэлэспиппит.
    Далан
  • Ойуурга тахсан уһун синньигэс ураҕас быстар
    Н. Заболоцкай

2 этии #

Ыт мунна баппат ойуура - аһара хойуу мастаах (сылдьарга, айанныырга олус эрэйдээх) ойуур Ыт мунна баппат ойуурун иһинэн аттара нэһиилэ уйар ындыылаах дьон баран испиттэрэ. Д. Таас

Нууччалыы Труднопроходимый лес, густые заросли деревьев, дремучая чаща

3 этии #

Нууччалыы Небольшая рощица из сосенок

  • Бэрдьигэс ойуур - саҥа улаатан эрэр бэстэрдээх алар Бэрдьигэс ойуурга киирдибит. Бэс ойуур - бөдөҥ бэстэрдээх, кумахтаах сиргэ турар ойуур. Θ Сосновый бор. Уйбаан ыраас күнтэн сандаарбыт бэс ойууртан тахсан, куоратыгар чугаһаан истэ.
    П. Аввакумов
  • Күөл уҥуор мыраан, тула чараҥ уонна бэс ойуур сэлэлии үүммүт.
    Н. Заболоцкай
  • Түүн чуумпурбут бэс ойуур, сииги бүрүммүт күөх хонуу сарсыарда лааҕыр оҕолорун кытта тэҥҥэ уһукталлар. Дьүөгэ Ааныстыырап. Иһирик ойуур - сииктээх сиргэ үүнэр аһара хойуу титириктэрдээх ойуур. Θ Густой лиственничный молодняк, растущий на влажной местности. Куулата лааҥкы, ыт мунна баппат иһирик ойуура этэ.
    И. Федосеев
Өссө холобурдар (26)
  • Аллара иһирик ойуур барыйан турар.
    М. Чооруоһап
  • Куруҥ (куруҥах) ойуур (тыа) - хаппыт (сороҕо хоруорбут) мастардаах, өрт уота бара сылдьыбыт ойуура. Θ Лес из сухостоя (выжженный лес), сушняк. Куруҥ ойуурга үүммүт талах ортотугар сүүнэ буур тайах турар эбит.
    Н. Якутскай
  • Куула ойуур - сир (алаас, сыһыы уо. д. а.) соҕуруу өттүн кыйа үүммүт ойуур. Θ Лес вдоль южной стороны местности (аласа, долины и т. д.). Ата ыраас куула ойуурунан, бөдөҥ тииттэр быыстарынан сиэлэн сундулуйан иһэн өрө хантаһыйда уонна биир сиргэ тэпсэҥнии-тэпсэҥнии турда.
    И. Гоголев
  • Куула ойуур үрдүнэн Куба күммүт ойбут. Эллэй. Ойдом ойуур - ойуччу турар кыра ойуур. Θ Лес-колок, отлесок. Ойдом ойуур кэтэҕэр Оҕо саҥата айманар.
    С. Васильев
  • Ойуур (тыа) саҕата (кэриитэ) - ойуур (тыа) кытыы, саҕаланар өттө. Θ Край, опушка леса. Ойуур саҕатыгар оттоох күрүө аттыгар отуу уота чаҕылыйар.
    Күндэ
  • Сайылык нөҥүө өттүгэр тыа кэриитигэр кытыйа курдук төгүрүк көлүкэчээн көстөр.
    С. Никифоров
  • Тохтоон сынньаммыт сирбиттэн икки-үс биэрэстэни барарбын кытта ойуур саҕата кэллэ.
    Т. Сметанин
  • Ойуур тыа - чугас эргиннээҕи тыа. Θ Близлежащий лес. Хонуу, толоон, ойуур тыа барыта сууммут курдук өссө чэлгийбит.
    С. Васильев
  • Ойуур тыа саҕатыгар икки мэндиэмэннээх орто оскуола дьындаарыйан турар.
    Амма Аччыгыйа
  • Ойуур чыычааҕа - үксүн маска уйаланар, олохсуйар чыычаах. Θ Птичка, вьющая гнездо в основном на деревьях. Ойуур чыычаахтара кэрэ сарсыарданы уруйдуур-айхаллыыр ырыаларын тардан кэбистилэр.
    Т. Сметанин
  • Ол оннугар тэлгэһэлэригэр туйаарар, ойуур чыычааҕа, өрүөстээх чыычаахтар дьиэлэнэллэрэ.
    М. Доҕордуурап
  • Симилэх ойуур - иинэҕэс хойуу мастардаах ойуур. Θ Лес, лесная чаща из густых зарослей молодняка. Үрүйэ үрүт өттө ыт мунна баппат симилэх ойуура буолан барар.
    Амма Аччыгыйа
  • Сиһик ойуур - кыһыл субалаах талах хойуутук үүммүт ыарҕата. Θ Мелкий кустарник из ольхи; ольшаник. Хараҥа аабылаан сиһик ойуур кытыытын кэрийэ, үрүйэ баһыгар киирдэ.
    Эрилик Эристиин
  • Сылбах ойуур - күөрэ-лаҥкы кыстаммыт, охтубут мастардаах ойуур. Θ Лес из валежника. Саһыл ньалбаарыҥса Халбаһыны хап гыннарбыт, Сылбах ойуур быыһыгар Сырбас гынан хаалбыт.
    Т. Сметанин
  • Сэндэҥэ ойуур - арыттыы үүммүт, убаҕас мастаах ойуур. Θ Лес с редкими деревьями; редколесье. Сотору соҕус буолан баран сэндэҥэ ойуурга тахсан кэллилэр. Сэппэрээк ойуур - сииктээх, бадарааннаах сиргэ үүнэр намыһах ыарҕалаах ойуур. Θ Лес из низкорослых багульников, растущих на влажной, болотистой местности. Сэппэрээк ойууру ат күөнүнэн кэстэрэн, Наһаар ыллык суолга тахсан кэллэ.
    С. Тумат
  • Талах ойуур - талах чөмөхтөһө үүммүт бөлкөйө. Θ Тальниковая заросль. Талах ойуур быыһыгар моонньоҕон бөҕө үүммүт. Титирик ойуур - тиит кырата (титирик) бөлөхтөһө үүммүт ойуура (үксүгэр ууттан чугас буолар). Θ Лес из частых зарослей молодых лиственниц (обычно вблизи какого-л. водоёма). Коля бэйэтин дьонунуун -- икки өттүттэн титирик ойуурдарынан ыга анньыллыбыт үрүйэҕэ киирээт, түөрт аҥы арахсан бардылар.
    Эрилик Эристиин
  • Дьон атах-бытах өттө тэйиччи соҕус титирик ойуур саҕатыгар мустубуттар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Таня ыаҕайатын ылан, титирик ойуур иһигэр киирэн сүтэн хаалла. Дьүөгэ Ааныстыырап. Түбэ ойуур - өрүс, үрэх үрдүнээҕи бөдөҥ, тэҥкэ мастаах (киһи мээнэ тиийбэт ыраах) ойуур. Θ Значительно отдалённая лесная чаща из крупных деревьев (над рекой, речкой). Үрэҕи туораан, хойуу мастаах түбэ ойуурга кэлбиттэрэ. Түҥ ойуур - халыҥ тыа быыһыгар хараҥа (киһи мунуон сөптөөх) биир тэҥ мастаах бардар бара турар ойуур. Θ Дремучий, тёмный лес. Халыҥ түүн тайҕаҕа Түҥ ойуур быыһыгар Биир киһи уһун түүн Ньилбэгэр суруйар.
    С. Данилов
  • Тэтиҥ ойуур - тэтиҥ мас сэлэлии үүммүт ойуура. Θ Осинник. Тэтиҥ ойуур суугунуу хамсыыр. Харыйа ойуур (тыа) - тэҥкэ харыйа маһынан саба үүммүт хараҥа, түҥ ойуур. Θ Густая еловая заросль, тёмный дремучий еловый лес. Киһи тыына-быара кылгыах лүҥкүрэ хараҥарбыт харыйа ойуурдары, алаастары, хочолору аастылар.
    Күндэ
  • Харыйа ойуур налыйда, Халыҥ хаарга утуйда. Эллэй. Туркулаах биир чуумпу тоҕойун үрдүгэр, халыҥ харыйа ойуур иһигэр кутаа умайан күүдэпчилэнэр.
    С. Никифоров
  • Хахыйах ойуур - саҥа улаатан эрэр хатыҥнардаах сир, тыа. Θ Березняк (из молодых берёз). Баараҕай тииттэр анныларыгар, ыарҕа талахтаах хахыйах ойуур иһигэр чүөмпэ уута көстөрө.
    Күндэ
  • Чараҥ ойуур - аһаҕас сиргэ турар кыракый хатыҥ чараҥ. Θ Небольшая берёзовая роща на открытой местности. Сайын ааһан Чараҥ ойуур сэбирдэҕэ Сарт кутуругун курдук Саһаран түстэ.
    С. Васильев
  • [Күн] Чаҕылыйар бэйэтин Чараҥ ойуур быыһыгар Чалбараҥнаах күөҕүгэр Чаҕаарыччы ыллыаҕыҥ. Эллэй. Чэчинньиэр ойуур - сиппэтэх, ньирээйи мастаах сир, тыа. Θ Местность, заросшая мелкими молодыми деревьями, молодняк. Ыраах кыра чэчинньиэр ойуур тунааран турара көстөр.
    Күндэ
  • Ыркый (ычык) ойуур - титирик мас хойуутук үүммүт сирэ, тыата. (сылдьарга эрэйдээх, суола-ииһэ суох). Θ Густые заросли молодых деревьев (труднопроходимый, без тропинок). Ычык ойууру кыйа бардылар.
  • Ыркый ойуур кэтэҕэр Ыраах элиэ ыйылаата.
    С. Васильев
  • Ханна да сылдьыым ахтабын Ыркый ойуурбун, халыҥ сиспин. Баал Хабырыыс

«О» буукуба