Перевод с якутского
олуй
туохтуур
Нууччалыы толкать, тянуть что-л. зажимая, прищемляя чем-л., чтобы сломать или сгибать
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Тугу эмэ өҕүлүннэрээри эбэтэр тоһутаары туохха эмэ кыбытан тарт (ас)
Нууччалыы Толкать, тянуть что-л. зажимая, прищемляя чем-л., чтобы сломать или сгибать
Маһы баҕана үүтүгэр олуйан тоһут. Тимири олуйан өҕүлүннэр. Соруйан тоһута олуйдахтарына, тимир да тостуо. Амма Аччыгыйа Сүгэни ылан, муостаны олуйбутугар, остуол сирэйин саҕа гына бииргэ ыпсарыллыбыт былаахылар түөрүллэн таҕыстылар. Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
Оҕонньор силис хоппоҕоругар сүгэни уган олуйда А. Сыромятникова
2 туохтуур #
Дьиэ, ампаар аанын олуурунан хараҕалаа, хатаа
Нууччалыы Запирать дом, помещение (обычно на деревянную задвижку)
Ааны иһиттэн маһынан олуй. Тас өттүттэн үс сиринэн тоҥ модун олуурунан олуйан кэбиспит, тимир кулугунан үс сиринэн кулугулаан кэбиспит. Ньургун Боотур. Сайын биир бэрт кураан күн Талкы оҕонньор, Чыычааҕы дьиэтигэр таһыттан олуйан кээһэн баран, отугар барда
Күндэ
3 туохтуур #
Кими эмэ ыарахан, күчүмэҕэй балаһыанньаҕа, кыһалҕаҕа киллэр
Нууччалыы Ставить кого-л. в затруднительное положение. [Болтоһо:] Олох обургу Олуйарын оҥоһуннаҕына, Очуос да хайаны огдолутар эбит
Кинилэр аска-таҥаска кыһаллан олороллорунан олуйан, киһи тугу эмэни оҥоруо эбитэ буолуо ээ. Н. Якутскай Кулун Куллустуур бухатыыры Күн Толомон Ньургустай удаҕан "ойох ыл" диэн олуйан эрэр сурахтаах. ПЭК ОНЛЯ III
4 туохтуур #
спорт. Туста сылдьан утарылаһааччыҥ атаҕын атаххынан хатыйа эрий
Нууччалыы Обвивать, зацеплять своей ногой ногу противника (в вольной борьбе и в борьбе хапсаҕай)
Холобур, биир бөҕөс атын бөҕөһү атаҕыттан ылла. Манна атаҕыттан ылларбыт киһи утары албастанан атаҕынан олуйуон, киһитин кууспутунан тиэрэ мэтэрийэн быраҕыан -- сөп. Е. Неймохов Күөн көрсөөччүтүн хатыйан, олуйан охторуу, өттүктээһин - кини чахчы баһылаабыт ньымалара Хапсаҕай
5 этии #
Оһоҕос обото олуйан - аһара аччыктаан Баайбыт бараммытын, Топпут тохтубутун кэннэ, Ис иҥсэтэ иирэн, оһоҕос обото олуйан, Айах аһыыра албыннаан, Кэлиэхситтэргэ киирэн биэриэхпит. Өксөкүлээх Өлөксөй. Оһоҕос обото олуйара диэн эмиэ баар - ханнык баҕарар хамсыыр-харамай ааттаах тумнубатах кыһалҕата. "ХС". Ср. тюрк. ола ‘вертеть кругом, прикрутить, прикрепить’, монг. олих ‘боднуть одним рогом; поддеть одним рогом’
Нууччалыы Оголодавши