ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэнэйдээ

туохтуур

Нууччалыы толкать, пихать

1 туохтуур #

, кэпс

  • Миигин саа луоһунан кэнэйдээн -- эмиэ доппуруоска киллэрбиттэрэ.
    Н. Габышев
  • Оҕолоро, кэргэнэ көрөн турдахтарына үлтү кэнэйдээн көрүдүөргэ умса анньан кэбистэ.
    Г. Колесов
  • Кыра, ласхарыйбыт Деревянов диэн нуучча эписиэригэр умса кэнэйдээн киллэрбиттэригэр Ньылаарыс өссө эбии куттаммыта
    И. Федосеев

2 туохтуур #

Анньыалаа, кэбиэлээ

Нууччалыы Толкать, пихать

3 туохтуур #

Кими эмэ тугунан эмэ буруйдаан, ону сирэй-харах анньан саҥар, мөх-эт

Нууччалыы Обвиняя кого-л. в чем-л., осыпать его упреками, ругать, бранить

  • Кэргэнин бырахпытын иһин кэнэйдээтилэр биир эр бэрдин.
    С. Руфов
  • Миигин сылгыһыппыттан ууратан баран, субан сүөһүнү улаатыннарбатыҥ, уоппатыҥ диэн быһа кэнэйдии сылдьар.
    В. Протодьяконов
  • Пиэрмэ сэбиэдиссэйэ Үрүкчээнэп үҥсүү түһэрбит этэ. Степа эрэйдээҕи бары кэнэйдээн ахан биэрдилэр. А. Кривошапкин (тылб.)

«К» буукуба