ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

олуур

аат тыл

Нууччалыы задвижка, запор, засов

Ис хоһооно · 4
I

1 аат тыл #

Дьиэ, ампаар аанын ис өттүттэн олуйар суон мас

Нууччалыы Задвижка, запор, засов (деревянный)

  • "Мин эйигиттэн көмө көрдүөм суоҕа!" - диэн олуурун түөрэ баттаат, Николай таһырдьа ойдо.
    А. Сыромятникова
  • "Аһыахха дуу, аһымыахха дуу?" - Эмээхсин нэһиилэ "ыйытар", Нэһиилэ олуур маһын халбарытар.
    С. Васильев
  • [Киһи] аан олуурун киэр эһэн куукунаҕа ойон таҕыста
    Н. Габышев

2 аат тыл #

Ыарахан, күчүмэҕэй быһыы-майгы

Нууччалыы Затруднительное положение. [Болтоһо:] Олуурга оҕустаран Ол-бу буолаллара буолуо диэн Олох оройдообот этим

  • Оччугуйдуур дьоннорбут Олуурдара улаатта
    ХС

3 этии #

Нууччалыы Попадать в затруднительное, сложное положение

  • Олуурга түбэс(тэ) кэпс. - ыарахан балаһыанньаҕа түбэс Ол-бу санаа Олууругар Түбэһэммин Түптээх уубун мүччү туттум.
    Күннүк Уурастыырап
  • Сэмэн сөмөлүөтүнэн көтүөн - быыстала суох ардах. Аллараанан эмиэ суол хаалан турар. Онон олуурга түбэстэ. НАГ ЯРФ
    С. Ср
  • монг. олуур ‘рычаг’
II

4 #

олуур тыал көр олооһун. Олуур сипсиэр тыал ааспат, Ордук тэттэн сэтэрэр. Күннүк Уурастыырап. Ол икки ардыгар Омуннаан эттэххэ, Отут хонугунан Олуур тыал улуйан барда. И. Чаҕылҕан

«О» буукуба