ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

омурҕан

аат тыл

Нууччалыы перерыв

1 аат тыл #

От үлэтигэр сылдьан, сынньанар, аһыыр тохтобул

Нууччалыы Перерыв (для отдыха, еды на сенокосе)

  • Күнүскү омурҕан.
  • Күөх быйаҥ үлүскэнигэр бу күүс үлэҕэ көлүллэн сылдьар дьон омурҕаннарын кэмигэр арааһы сэһэргэһэллэр. Софр. Данилов. Витя бүгүн, оҕонньору күнүскү омурҕаныгар баттаһыам диэн, сүр тиэтэлинэн кэлбитэ, оҕонньоро өссө да ходуһаттан тахса илигэ
    Н. Заболоцкай

2 аат тыл #

От үлэтигэр аһыырга, сынньанарга тохтобулга диэри үлэлиир кэм

Нууччалыы Рабочее время между перерывами (на сенокосе)

  • Маҥнайгы күннэригэр биир эмэ омурҕан устата сүмэлээх күөх оту көҥдөйдүү дайбаамахтаан баран дьиэлэригэр тахсаллара.
    Н. Якутскай
  • Урааннаах уһун күнү Омурҕаҥҥа түҥэтэллэр. Маҥнайгы, иккис, үһүс, Туман түһүүтэ тахсаллар
    Баал Хабырыыс

3 этии #

Нууччалыы Небольшой перерыв для отдыха и еды к часам три или пять

Этиилэр

Түөртүүр омурҕан

от үлэтин үгэнигэр күнүс үс эбэтэр биэс чаас саҕана аһыыр, сынньана түһэр кылгас тохтобул Түөртүүр омурҕан кылгас буолар.

  • Түөртүүр омурҕан кэнниттэн туман түһүүтэ тахсаллар. Ср. бур. амаралга ‘отдых’

«О» буукуба