Перевод с якутского
тохтобул
аат тыл
Нууччалыы останавливаться
English stop; stop
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Нууччалыы останавливаться
English stop (bus, train, etc.); stop
аныгыскы тохтобул следующая остановкаthe next stop тиһэх тохтобул последняя остановкаthe last stop
2 аат тыл #
Туох эмэ (үлэ, үөрэх о. д. а.) тохтоон ылыыта, арыттаныыта, онно буолар сынньалаҥ
Нууччалыы Перерыв, пауза (в работе, учёбе и т. п.)
Боробуос тохтуурун кытта, баара эрэ уон биэс мүнүүтэ тохтобул иһигэр -- сырсыы, тиэтэл буола түстэ. Эрилик Эристиин Антракт – драматургическай айымньылар тус-туспа оонньууларын икки ардыгар буолар тохтобул. Г. Васильев Пауза боростуой, сынньабыл быһыытынан тохтобул буолбатах, айымньы уобарастарын, туох буоларын ойуулааһыҥҥа көмөлөһөр Чычып-ч
3 аат тыл #
Ханнык эмэ уопсастыбаннай тырааныспар тохтоон дьону түһэрэр, ылар сирэ
Нууччалыы Место остановки общественного транспорта для высадки, посадки пассажиров
Полковник аныгыс тохтобул диэки сатыы хааман дьулуруйа турда. Амма Аччыгыйа Оптуобус тохтобулугар кыһыл дьарҕаалаах улахан оптуобус субу күлтэһийэн тиийэн кэллэ. П. Аввакумов Кытыл Дьурааҕа тохтобулу олохтуохха Кыым
4 аат тыл #
Таах көдьүүһэ суох туруу, боростуой
Нууччалыы Простой (техники, рабочих)
Салайааччы тиэхиньикэ тохтобулун таһаарыа суохтаах ЭБТ