ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

оскуоба

аат тыл

Нууччалыы скоба.

1 аат тыл #

Түөрт кырыылаах икки өттүнэн уһуктаах сонос тимири икки уһугун көнө муннуктуу токурутан оҥоһуллубут, мас тутуу чаастарын туттарарга аналлаах тоһоҕо, ат тоһоҕо

Нууччалыы Скоба. Дьиэҕэ таһыттан киирэр ааны, түннүктэри тимир боробулуоханан бааччайбыттар, оскуобанан саайталаан бөҕөргөппүттэр. Н. Якутскай. Эстакаданы 30×30 сэнтимиэтир быһа охсуулаах мас буруустары суон тимир оскуобаларынан иҥиннэртээн оҥоһуллар. ИИК СУоҮҮЫ

2 аат тыл #

Түөрт кырыылаах уһун, бэйэ оҥоһуута тимир тоһоҕо

Нууччалыы Железные четырёхгранные длинные гвозди кустарного производства

  • Билигин биһиги холкуостарбытыгар оскуоба (тимир тоһоҕо) тиийбэккэ эрэйдэнэллэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Чууркалар үрдүлэригэр оскуобалар сааллаллар.
    АФС БЫ

«О» буукуба