ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

похуот

аат тыл

Нууччалыы поход

1 аат тыл #

истор. Уоттаах сэриигэ хомуллан айаннааһын

Нууччалыы Поход (на фронт, на линию огня)

  • Бойобуой кэккэнэн, сатыылаан, Похуокка турдулар саллааттар, Илбистээх эр хааны ылынан, Ийэ түүн күлүгэр сүттүлэр.
    Күннүк Уурастыырап
  • Ийэ дойдубут иһин, уоҕуран, Уруйдаах похуокка барыаҕыҥ, Кыайыы былааҕын өстөөх арҕаҕар, - Берлин арҕаһыгар анньыаҕыҥ! Эллэй. Сорох нуучча дьонноро кыайыылаах похуоттартан төннөн кэлэн, бу дойдуга олохсуйан, дьиэ-уот туттан тэнийэн-ууһаан испиттэрэ
    П. Филиппов

2 аат тыл #

Ханна эмэ туох эрэ соруктаах хомуллан барыы (үксүгэр сатыы)

Нууччалыы Совместное движение группы лиц с какой-л. определенной целью, поход (обычно пешком)

  • Үчүгэйиэн үүнэр сааска Комсомолец сылдьыбыт, Долгулдьуһар похуоттарга Тэҥҥэ үктүү хаамсыыбыт.
    П. Тобуруокап
  • Оскуола барыта хамсаммыта: -- экскурсия маршруттарын талыы, похуокка бэлэмнэнии - үөрүү-көтүү, өрө көтөҕүллүү.
    Далан
  • Хомсомуоллар хомуллан Похуотунан иһэбит - Хотолдьуһа долгуһан, Лааҕырдарга тиийэбит
    Күннүк Уурастыырап

«П» буукуба