ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сааскы

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы весенний

English spring

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

Саас буолар, оҥоһуллар, туттуллар

Нууччалыы Весенний

  • Сааскы кэм. Сааскы халлаан. Сааскы тыал. Сааскы ыһыы.
  • Сааскы киһи салбаммытынан, күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн (өс ном.). Сааскы ылааҥы күн барахсан чэбдик салгына сайа кууста.
    Болот Боотур
  • Төһө да сыралара эһиннэр, санааларын баҕатынан сааскы халаан уутун кэһэн айаннаабыттара
    И. Данилов

2 даҕааһын #

поэт. Киһи эдэр айар сааһынааҕы эбэтэр норуот олоҕун саҥалыы сайдыыта саҕаланар кэминээҕи

Нууччалыы Относящийся к раннему периоду творческой деятельности человека или нового обновления общественной и культурной жизни народа

  • Ырыаһыт буолбут ыраатта. Ол сааскы омуннаах кэмҥэ Дууһабар айыы баҕата, Сүрэхпэр олох ырыата Муҥура суох элбэх этэ
    С. Данилов
  • Аан бастаан ыллаппыт, ытаппыт Умнубат бастакы тапталбыт, Бастакы ырыабыт ымыыта, Олохпут сааскыта - барыта Хаалбыт ол быдан сыллаахха Сэргэлээх иккитэ уопсайга.
    С. Данилов
  • Иитиллэр эбэбит Элиэнэ иэнигэр Эриэккэс сааскыны эргиттиҥ, Үйэттэн үйэҕэ тилэри диэлийэр Үрдээбит өрөгөй чэчирин чэлгиттиҥ
    Күннүк Уурастыырап

3 аат тыл #

көр саас III

4 даҕааһын #

поэт. Киһи көҥүл, дьоллоох эдэр сааһа эбэтэр норуот олоҕор дьоллоох саҥа кэм

Нууччалыы Счастливые юные годы в жизни человека, счастливое новое время в жизни народа

  • Көп сирэм сибэкки быыһыттан Күөрэгэй күөрэйэн хоһуйда, Саймаархай сайаҕас салгынтан Сааскыны уруйдуу тоһуйда.
    Күннүк Уурастыырап
  • Хоту кыраай Хонон турбут курдук Сандаа маҥан Сааскыта эргийбит.
    С. Васильев
  • Кыл сэлээппэлээх кырдьаҕастар быйыл, сааскыта хатааһыннаах буолан, от-бурдук бөрүкүтэ суох үүнүө диэн дьоһумсуйан олорон дьылҕалыыллар. В. Чиряев

«С» буукуба