ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хобор

аат тыл

Нууччалыы весенний хрупкий, пористый, расщеплённый лёд на реке, озере перед самым ледоходом; время появления такого льда весной

аат тыл

Саас күөл, өрүс эстиэн аҕай иннинэ хаара баранан, салгын сиэн, уута аллара түһэн, көтөҕүллүбүт, көҕөрүмтүйэн көстөр муус; саас оннук кэм

Нууччалыы Весенний хрупкий, пористый, расщеплённый лёд на реке, озере перед самым ледоходом; время появления такого льда весной

  • Саас кэлэр, хаар хараарар. Витим өрүс күөх хобор буолбут мууһун өрө көтөҕөр, үлтү кумалыыр.
    Н. Якутскай
  • Саас, күөл мууһа күөх хоборунан көрөн сыттаҕына, ырбыы аттыгар туран иһиллээтэххэ, муус ууллар тыаһа бу дорҕооҥҥо маарыннааччы.
    С. Дадаскинов
  • Үс кыталыктан биирин Эбэ хоборун саҕана ыппыт
    Багдарыын Сүлбэ

«Х» буукуба