Перевод с якутского
сабылын
туохтуур
Нууччалыы быть лишённым самого необходимого для жизни, оказываться в бедственном положении, бедствовать
1 туохтуур #
Туга эмэ суох буолан кыһалҕаҕа ыллар, буорайар суолга киир, ыал аатыттан аас
Нууччалыы Быть лишённым самого необходимого для жизни, оказываться в бедственном положении, бедствовать
сап I диэнтэн атын. туһ. Аан сабылынна. Маҕаһыын сабыллыбыт. Быыс сабыллаатын кытары -- сыанаттан сүүрэн тахсыбыта.
Н. ЛугиновМанан биир сүрүн дохуот киллэрэр салаалара сабылынна. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (4)
Гаврил Романович ынах кэмиттэн-кэмигэр сабылларын ситиһэр. ҮБНьТ Дьиэнэн бары ыалдьан сабыллыах курдукпут. Итинтикэтэ [үрдүкүлэргэ бэлэҕэ-туһаҕа] суох букатын сабыллыах дьоммут.
Н. Лугинов[Кэччэгэй Кэтириинэ уолугар:] Киһи киһини сөбүлээн да сынньар баҕайы. Саах күрдьээччитэ суох сабылыннахпыт ити Эрилик Эристиин
2 этии #
Аана сабыллыбат кэпс. - (ханна эмэ) сылдьааччылар быыһа суох кэлэллэр, (ким эмэ) кэлээччилэртэн быыс булбат Кырдьык, куораччыттар кэллэхтэрин күн Мещеряковтар дьиэлэрин аана сабыллыбатаҕа. И. Федосеев.
Нууччалыы Нет отбою от посетителей, гостей (букв. дверь не закрывается)
Этиилэр
Буруота сабылынна көр буруо
Тарабукиннар буруолара сабыллара тирээн кэлбитэ. И. Бочкарев. Хараҕа сабылынна кэпс. - 1) хараҕа ыалдьар эбэтэр көрбөт буолар.
Утрачивать на время способность видеть или терять зрение.
"Илииҥ тугу гынарын хараҕыҥ көрбөт дуо? - Эмээхсин дьиппиэнник ыйытта. - Икки хараҕыҥ сабыллыбыта дуо эйиэнэ?" Амма Аччыгыйа Бу булт саҕана хараҕынан сабыллан иэдээн буолуо. Болот Боотур; 2) Киһи билиэҕин, өйдүөҕүн билбэт-көрбөт, кыайан өйдөөбөт. Перестать замечать, понимать, воспринимать происходящее вокруг. [Кыталык кыыл Ньургун Боотурга:] Икки хараҕыҥ сабыллыбыт эбит, Икки кулгааҕыҥ бүөлэммит эбит [оччолоох сураҕы истибэт буола].
П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (1)
Оо, харах сабыллара муҥ да буолар эбит, саамай табаарыһым дии саныырым, онтукам киһим ол күлүү-элэк оҥосто сырыттаҕа. "ХС"; 3) Өлөр, тыына быстар. Умирать (букв. глаза закрываются). Хааннарым тохтоннор, мин өлөн эрэбин, Хараҕым сабыллан мин ииҥҥэ киирэбин. П. Ойуунускай