ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

санньы

даҕааһын, сыһыат

Нууччалыы с грустью, печалью, уныло, безрадостно

1 сыһыат #

поэт. Санаарҕаан, санньыйан, санньыйбыт дьүһүннэнэн

Нууччалыы С грустью, печалью, уныло, безрадостно (в сочет. с гл. на русский язык передаётся прил., напр., ходить грустным, унылым)

  • көр санньыччы. Кырдьык, онтон кытаран Кыбыһынна, бадаҕа: Төбөтүн санньы туттан, Түстэ түүппэх санааҕа.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Санныгар сүкпүт сымара тааһа Санньы баттаан, саатар, Сынньаннар ханнык диэбит санаабар Сылбырҕаламмыта алыһын, аата!
    К. Туйаарыскай
  • Тойон кыыла ырааппакка санньы көтөн нэлимнээн кэлэн, -- далга барар суолун чэригэр дагдас гына олоро түстэ. В. Яковлев
Өссө холобурдар (5)
  • Сарапыана уҥуоҕа -- Күлүгүрэн көстүбүтэ! Оҕонньорбут хайдах эрэ Онтон санньы санаабыта.
    Күннүк Уурастыырап
  • Эн санньы долгуйа көрөҕүн Кэннигэр хаалларар дойдугун, Ол эрэн көппүччэ көтөҕүн, Санааҕын ырыанан дуйдуугун.
    С. Данилов
  • Тула көр-нар. Ыччат ыллыыр. Оттон миэхэ олус чуҥкук. Хормуоска санньы тыаһыыр Санаабын таайар курдук
    М. Ефимов
  • Мин ырыа суруйан хааллардым Ыйдаҥаҕа мунчаарыым туһунан: Мытааҕым эргэнэ тыаларын Мин санньы мичээрим кууһарын.
    С. Данилов
  • Булуммут үлэ уонна дьоҕур бииргэ дьүөрэлэһиилэрэ дьоллооххо түбэһэр диэххэ сөп. Оттон кинилэр икки аҥыы сылдьар буоллахтарына, киһи --, мэлдьи санньы санаа көтөллөөх муҥҥа сылдьыан сөп
    ЧКС ОДьКИи

2 даҕааһын #

суолт., поэт. Санаарҕаабыт, санньыйбыт, чуҥкук

Нууччалыы Грустный, невесёлый, горький (напр., о мыслях)

3 этии #

Нууччалыы Грустить, печалиться, огорчаться. [Сахаайа] оҕоломмот быһаҕас төлкөлөөх буоллаҕым диэн санньы түһэн сылдьыбыта

  • Санньы түс (буол) - санааҥ түһэн санньый, мунчаар Софр. Данилов. Сыыһабыттан, алҕаспыттан Санньы буолар кэмнэрбэр - Өрө күүрдэр этиини Өйдөөн чэпчии түһэбин.
    М. Тимофеев
  • Онно кини соҕотох, Санньы түһэр, санааргыыр, Сылаас таптал суоҕуттан Сытар-турар, сылааргыыр. И. Арбита

«С» буукуба