ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

санньыар

туохтуур, аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы унывать, печалиться, сникать, падать духом

I

1 туохтуур #

ан эмэ санааҕын түһэр, санньый, куруй

Нууччалыы Унывать, печалиться, сникать, падать духом

  • Тараас, бараан папаахатын Устан, санньыаран турар. Райнис үрүҥ бытыктарын Баалтыка тыала бурайар.
    С. Данилов
  • Соҥуйан, санаата санньыаран, Суланар сураҕа иһиллэр...
    Күннүк Уурастыырап
  • Кини ыстаадаҕа тоҥон-хатан, ардыгар санньыаран, үксүгэр эдэр саас эрчимигэр көтөхтөрөн аһарбыт сылларын ахта саныыр.
    ВВ
II

2 аат тыл #

поэт. Санааны түһэрии, санньыйыы, курустуйуу

Нууччалыы Уныние, печаль, упадок духа

  • Маннык күҥҥэ Санньыар сүтэр, Ыллыах-туойуох Санаа түллэр. Эллэй. Хом түһүү, санньыар диэни Хоноһоломмот киһи кини, Ол иһин байым бултаах, Олоҕор өрүү дьоллоох.
    В. Миронов
  • Чуу... ыраах... Бетховен... сүрэҕи манньытар... Муусука санньыара долгурар... Ыйдаҥа сыдьаайар, Ыллаһар
    А. Абаҕыыныскай

3 даҕааһын #

суолт. Киһи санаатын санньытар, санаарҕабыллаах, курус

Нууччалыы Унылый, грустный, печальный

  • Таптал фонтана, курус фонтан! Дьэ илэ көрдүм эйиигин. Харах уутунан чоллурҕаан Санньыар сэһэҥҥин кэпсиигин.
    М. Ефимов
  • Чуҥкуйар, санньыар чааһыгар Доҕотторо, аймахтара Дьоҕус, чуумпу хосторугар Тохтоон, сылдьан ааһыахтара.
    Ф. Софронов
  • А. Софронов бэйиэт быһыытынан -- санньыар санааларыттан, өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи тематикаларыттан тута-хаба босхолоно охсубатаҕа
    Эрчимэн

«С» буукуба