ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сынтарый

туохтуур

Нууччалыы тупиться, притупляться

1 туохтуур #

Ньыҕалын, ньыҕаллан сыппаа (туох эмэ уһуга, биитэ)

Нууччалыы Тупиться, притупляться (об остром конце чего-л.)

  • Тоһоҕо уһуга сынтарыйбыт.
  • Кырыылаах кырыылаахха сынтарыйда, Уһуктаах уһуктаахха уйадыйда, Биилээх биилээххэ бэтиннэ, Чохооччу чохооччуга чуҥкунаата.
    П. Ядрихинскай
  • Сэлии муоһун ууга сытыаран баран оҥордоххо ханнык баҕарар сэп-сэбиргэл хотор, биитэ сыппаабат, сынтарыйбат
    ПСН УТС

2 туохтуур #

Туох эмэ кыаллыбатаҕыттан, ыараханыттан ылыммыт санааҕын ыһыгын, чаҕый

Нууччалыы Отступать перед трудностями, сникать, падать духом

  • Урукку өттүгэр олох ыараханыгар түбэһэн өссө сынтарыйан көрө илик, хорсун киһини -- санаа түһүүтэ сүһүөхтэрин ылҕаан киирэн барда.
    В. Яковлев
  • [Бандьыыттар] соторутааҕыта Чапчылҕан дэриэбинэтин атаакалаан, уон сэттэ киһилээх гарнизону кыайан ылбакка, муннулара сынтарыйда.
    П. Филиппов
  • Фёдор Фёдорович Серпилин ыар олоҕу олорбут уонна ол ыар олохтон сынтарыйбатах дьонтон биирдэстэрэ этэ.
    К. Симонов
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. монг. шантрах ‘ломаться, разрушаться; расстраиваться; теряться, робеть; разочаровываться’

«С» буукуба