Перевод с якутского
сатар
туохтуур
Нууччалыы свирепствовать, бушевать
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Саталан, сата түспүтүн курдук улаханнык тыалыр
Нууччалыы Свирепствовать, бушевать (о непогоде)
Дьыбарсыйан сарсыарда Кыйыдыйан сатарда, - Силлиэрбэхтээн иһиирдэ, Сэбирдэҕи сиксийдэ А. Абаҕыыныскай
2 туохтуур #
Улахан тыас, саҥа охсуллуутуттан дуорааннан, тыас, саҥа дуорааннан (хол., тыаны салгыны этэргэ)
Нууччалыы Наполняться громким шумом, сотрясаться от громового звука (напр., о лесе, воздухе)
Тыа баһа сатарар хаһыыта иһилиннэ. [Ньургун Боотур] Халлаан сатарыаҕынан, Хабарҕата хайдыаҕынан Хабырына-хабырына Хаһыытаамахтаан ылла.
П. ОйуунускайБүлүмүөт тыаһынан сатара Хараҥа түүн кэтит ытыһын Хабырҕаччы таһынара С. Тимофеев
3 туохтуур #
Күүскэ сатараа, сатараан иһилин (хол., саа тыаһа)
Нууччалыы Раздаваться, прокатываться, разноситься (напр., о выстреле, голосе, песне)
Тыа иһэ уотунан оргуйар, Саа тыаһа сатарар. А. Абаҕыыныскай Ырыабыт чугдаардын, Саҥабыт сатардын, Дорообо, Саҥа дьыл. И. Артамонов Хамандыыр илиитин өрө уунан: "Батарея, огонь!" - диэн хатан, чуор куолаһа сатарбыта А. Бродников
4 туохтуур #
поэт. Эбии күүрээннэнэн таҕыс, күүһүрэн кэл (абарыы-сатарыы эбэтэр үөрүү-көтүү туһунан этэргэ)
Нууччалыы Усиливаться, возрастать, нарастать, разгораться (напр., о чувстве негодования или радости)
Абарбыт, сатарбыт санааны бурайа Дьаадара халлааҥҥа кыырайар. Эллэй. Хатаҥат тыала түһэр, Өһүөн ардах өрөөн барар Хара дьай күүһүн эһэр Өрөгөйдөөх өргөс, сатар! А. Абаҕыыныскай Күн көрөн халлаан дьайҕарда, Көр-нар, үҥкүү сатарда. П. Ламутскай (тылб.) Улаат, эбии уоҕур (хол., тымныы күүһүн этэргэ). Θ Набирать силу, крепчать (напр., о морозе). Кыһыҥҥы тымныы сатарбыт, Кыйыһыйбыт муус толоон И. Чаҕылҕан