ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сибиниэс

аат тыл

Нууччалыы мягкий, очень тяжёлый и ковкий цветной металл; свинец

English lead

1 аат тыл #

Олус ыарахан ыйааһыннаах тапталлымтыа өҥнөөх металл

Нууччалыы Мягкий, очень тяжёлый и ковкий цветной металл; свинец

  • Мантан чугас, Ковалькан үрэҕэр, таастан сибиниэс уулларан, буулдьа куттар буолаллара
    Н. Якутскай

2 аат тыл #

Туох эмэ олус ыар, ыарахан ыйааһыннаах

Нууччалыы Что-л. слишком тяжёлое, увесистое

  • Бу хаас тугун ыараханай, олох сибиниэс эбит дии.
  • Уйбааскы сылайан, -- этэ-сиинэ сибиниэс курдук ыараабыкка дылы буолбут.
    Л. Попов
  • Комбриг киэҥник далайбыта, Сутуруга – сибиниэс, Ойутан иһэн дайбаабыта Уот сирэйгэ эриэс!
    Күн Дьирибинэ

«С» буукуба