ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

силбэһии

аат тыл

Нууччалыы соединение, слияние, смыкание кого-чего-л. с кем-чем-л

1 аат тыл #

ар эмэ холбоһуулара

Нууччалыы Соединение, слияние, смыкание кого-чего-л. с кем-чем-л

  • Иннилэрин диэки, икки улахан тоҕой силбэһиитигэр -- туох эрэ көтөр саҥаран кэбигирээтэ.
    Н. Заболоцкай
  • Сиэр-майгы өттүнэн иитии - бу өй уонна сүрэх силбэһиилэрэ. "Кыым". Тиксии - Доҕордоһуу Быстыспат силбэһиилэрэ.
    ХС
  • [В. В. Радлов] үгүс түбэлтэҕэ уһатыылар уонна дьуптуоннар бүтэй дорҕооннор түһүүлэриттэн, аһаҕас дорҕооннору кытта силбэһиилэриттэн үөскээбиттэрин элбэх холобурдарынан итэҕэтиилээхтик көрдөрбүтэ
    СПА СТИ

2 аат тыл #

геогр. Икки муораны эбэтэр материктаах арыыны холбуур ханаал курдук уһун синньигэс уу

Нууччалыы Пролив. Босфор силбэһиитин курдук кыраһыабай сир суох диэн урут сылдьыбыт дьонтон мин үгүстүк истэрим. Н. Якутскай. Константин Босфор силбэһиитин биэрэгэр куорат туттарбыта. КВА Б. Гибралтар силбэһиитэ олус дириҥэ суох. СПН СЧГ

«С» буукуба