Перевод с якутского
силбэс
туохтуур
Нууччалыы соединяться где-л. с чем-л. стыковаться
1 туохтуур #
Холбоһор сибээстээх буол, холбос
Нууччалыы Соединяться где-л. с чем-л. стыковаться
Көлүйэлэр үгүстэрэ синньигэс элгээн ууларынан силбэһэллэр эбит. Амма Аччыгыйа Күөл өрүһү кытта силбэһэр төрдүгэр холомолорго маарынныыр үгүс дьиэ көстөрө. Далан Үрэхтэрэ -- күөлү кытта силбэстэ Н. Габышев
2 туохтуур #
Биир кэлимсэ, сомоҕо буолар гына холбос
Нууччалыы Соединиться, сплестись образуя одно целое
Кумах биирдии кыырпаҕа силбэһэн таас хайа үөскүүр.
Суорун ОмоллоонТабалар тыыннара силбэһэн кыра соҕус былыт буолан көттө. Эрилик Эристиин Элбэх элэктэриичэстибэ лаампа уота силбэһэн көстөр эбит. Н. Габышев
Өссө холобурдар (1)
Балааккабыт дуомар эттиир ардахтыын, сүүрүк тыаһыныын барыта бииргэ силбэһэн, уораһыйан сатарыы олорбута Н. Заболоцкай
3 туохтуур #
Ыпсыс, ыпсыһа холбос
Нууччалыы Плотно соединиться, сомкнуться
Ыраах иһэр борохуоттар буруолара маҥнай уу-халлаан силбэһэн көстөр сиксиктэригэр синньигэс тимир тоһоҕо курдук өрө тыргыллан көстөллөр. Амма Аччыгыйа [Дьөгүөрдээн] үөһээ-аллараа халтаһалара силбэһэ иһэннэр, икки хараҕын саппыттар. Амма Аччыгыйа Уот итиитигэр бигэппиччэ Ылдьаа күнүскү сылаата, эрэйэ киирэн, халтаһалара минньийэ-минньийэ силбэһэн, бүрүйэ тыытан бардылар. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
Киэҥ туундара кубарыйа тэнийэр урсуна -- күөх халлаан саҕаҕын кытта силбэһэргэ дылы А. Сыромятникова