Перевод с якутского
ытыһын
туохтуур
Нууччалыы сомкнуться, стиснуться, застыть, онеметь
1 туохтуур #
Өр хамсаабакка көһүйэн, бөҕүөрэн хам ыпсан хаал (сыҥааҕы этэргэ)
Нууччалыы Сомкнуться, стиснуться, застыть, онеметь (о челюстях)
Халыҥ туой чааскыттан, сыҥааҕым ытыста сыһа-сыһа, тыбыс-тымныы сүөгэйдээх үүтү иһэн киллиргэтэбин.
Н. ЛугиновЭһэ арҕаҕын ааныгар быардыы түһэн, сылааска сыламнаан, ытыстыбыт сыҥааҕын хоҥноро хас да күн сыппыта. Р. Кулаковскай Сылгылар айахтара ытыстыбытын оту сиэн көннөрдүлэр. ИН КК
Өссө холобурдар (1)
Хам, эпсэри сыһын (тугу эмэ этэргэ). Θ Плотно, крепко сжаться, уплотниться. Вася ытыстан хаалбыт гаайкалары кытта өр мөхсүбүтүттэн тиритэ быһыытыйда П. Чуукаар
2 туохтуур #
сөбүлээб. Кэпсэтиэххин баҕарбат курдук тутун, саҥаран быстыма
Нууччалыы Долгое, продолжительное время молчать, выражая нежелание вести разговор
Тоҕо сымыһаххытын быһа ытыран, ытыстан олордугут, саҥарбакка?! Болот Боотур Бу уол киһи көрөрүгэр күнү быһа ытыстан сылдьар, наадалаах кэмин билэн саҥарара буолуо. А. Сыромятникова "Чэ, барыаҕыҥ!" – диэтэ уонна ытыстан баран, эргиллэн тахсан барда Н. Заболоцкай
3 этии #
Этиилэр
Сыҥааҕа ытыстар көр сыҥаах
Кыһыйбыт-абарбыт иһин тэҥнэһиэҥ дуо, сыҥааххын ытыстан олороҕун.
П. ОйуунускайМииппээн бэйэ икки ардыгар айаҕа хам буолбат кэпсэллээҕэ, оттон үөрэх буоллар эрэ, сыҥааҕа ытыстан хаалара. П. Аввакумов
Өссө холобурдар (1)
Булт чааһыгар сыҥааҕа балай да ытыстар этэ. "Чолбон"