Перевод с якутского
силлис
туохтуур
Нууччалыы соединяться, сливаться, образуя одно целое
1 туохтуур #
Биир кэлимсэ буола холбос
Нууччалыы Соединяться, сливаться, образуя одно целое
Үлэ ньиргиэрэ айылҕа сааскы кэрэ тыаһын-ууһун кытта дьүөрэлэһэ силлиһэр. А. Фёдоров Хомо үрэҕи кытта силлиһэр сиригэр араас балык тахсааччы. ББ Ардыгар Тигр уонна Евфрат силлиһиэхтэригэр диэри киэҥник халаанныыллара КФП БАаДИ
2 туохтуур #
Ыпсыс, ыпсыһа холбос
Нууччалыы Плотно соединяться, смыкаться
Халлаан таҥнары иэҕиллэн, өрүһү кытта силлиһэр дьирбиитэ күлүмүрдүү дьиримниир. А. Фёдоров Баһа-атаҕа биллибэт баай хара тыа тунаҕынан күдээрийэн саҕаҕы кытта силлиһэр. И. Данилов [Сылайан] олорон эрэ хараҕыҥ силлиһэн, нухарыйан бараҕын Н. Кондаков
3 этии #
Силлиспит тыл тыл. үөр. - икки тыл дорҕооннорун састааба биир тыл буолардыы уларыйан силбэспититтэн үөскээбит тыл Саха тылыгар литературнай нуормаҕа киирбит силлиспит тыллар син бааллар. ВМС СДО. Силлиспит эбэтэр силлиспит олохтоох тыллар диэн тиэрмин балачча өртөн туттуллар. ПНЕ СТ
Нууччалыы Слитное слово