ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

холбоһук

аат тыл

Нууччалыы союз

English union

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Нууччалыы союз

English union

  • Эуропа Холбоһуга
    Европейский союзEuropean Union

2 аат тыл #

Тус-туспа туохтар эмэ биир буола холбоммуттара

Нууччалыы Смесь, сплав

  • Уҥа такымыгар маҥаннаах, алта ыйдаах хара ыт оҕото сүттэ. Дворняшка уонна пудель холбоһуга.
    П. Чуукаар
  • Массыына чаастарын үксүн металлар холбоһуктарыттан оҥороллор
    ННС ЧАа

3 аат тыл #

ар эмэ (хол., тэрилтэлэр, судаарыстыбалар) холбоһуулара

Нууччалыы Объединение, союз (напр., предприятий, государств)

  • "Салҕабыл" диэн республиканскай холбоһук салайааччытынан Руф Иванович Кардашевскайы анаабыттара.
    Н. Якутскай
  • Дьоннор араас холбоһуктарыттан саамай киэҥнэринэн этническэй холбоһуктар буолаллар. Олорго ийэ-аҕа ууһа, биис ууһа, народность уонна нация киирэллэр. ДИМ. Урукку кыракый тэрилтэлэр кыаҕыран, улаатан собуоттарга, холбоһуктарга кубулуйаллар
    КПИ ТВЯХҮ

4 аат тыл #

Сэбиэскэй кэмҥэ дьон уопсайдаһан элбэх буолан бииргэ үлэлиир түмсүүтэ (үксүгэр тыа хаһаайыстыбатыгар)

Нууччалыы Кооперация, коллективное хозяйство в советское время (обычно в сельском хозяйстве)

  • Холбоһукка, артыалга, Атаас, кыттыһыаҕыҥ! Эллэй. Холбоһук хас биирдии үлэһитэ үс суотай сиргэ хортуоппуй үүннэрэр, үгүстэр тэпилииссэлээхтэр, парньыыктаахтар
    ХС

«Х» буукуба