Перевод с якутского
сойуус
аат тыл
Нууччалыы тесное единение классов, групп, отдельных лиц, союз. [Баартыйа] Сүүһүнэн омук биир бырааттыы Модун күүс сойууһун тэрийдиҥ
Ис хоһооно · 5
1 #
Уопсастыбаннай кылаастар, бөлөхтөр, биирдиилээн дьоннор холбоһуулара, биир санааланыылара, түмсүүлэрэ
Нууччалыы Тесное единение классов, групп, отдельных лиц, союз. [Баартыйа] Сүүһүнэн омук биир бырааттыы Модун күүс сойууһун тэрийдиҥ
Эллэй. Ленин кэриэс хаалларбыта: оробуочайдар уонна бааһынайдар бырааттыы сойуустарын инники да өттүгэр бөҕөргөтө турарга. КНК ВИЛТ. Дьоннор таптаһаннар кэргэн-ыал буолан, хаһан да кинилэргэ көрсүһүллэбэтэх ыкса сойууһу, холбоһугу айаллар ПБН ОПТ
2 #
Судаарыстыба холбоһуга
Нууччалыы Государственное объединение
Үчүгэйиэн көҥүл сирбэр Чуумпу түһэн турара, Сэбиэскэй Сойуус ийэбэр Туйгун дьолу кутара. Күннүк Уурастыырап Греция куорат судаарыстыбаларын Афины баһылыктаах сойуустара Персияны кытта эйэ түһэрсиллиитин да кэнниттэн үрэллибэтэҕэ КФП БАаДИ
3 #
Общественнай холбоһуу, тэриллии
Нууччалыы Общественное объединение, организация
Макаров ыччат сойууһун кэккэтиттэн туоратылынна. Д. Таас П. А. Ойуунускай саха сэбиэскэй суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бастакы бэрэссэдээтэлэ этэ. ХС Билигин Саха сирин худуоһунньуктарын сойууһа бэйэтин кэккэтигэр биэс уон үс чилиэннээх. “ Кыым
4 этии #
Этиилэр
Идэлээх сойуус көр идэлээх
Алдаҥҥа сылдьан хайа оробуочайдарын идэлээх сойууһугар киирбитэ. ХС Производстваны салайыыга оробуочайдар киэҥник кыттыыларын ситиһиигэ сүҥкэн оруолу идэлээх сойуустар ылаллар. “Ленин с. ”
5 аат тыл #
, кэпс. Хаатыҥка чарааһаабыт, тэстибит уллуҥар халыҥатан тигиллэр хос уллуҥ
Нууччалыы Пришитая к прохудившимся валенкам подошва
Быраканьыардаабыт сиргитигэр эн хаатыҥкаҥ сойуустаах уллуҥаҕын суола бэлиэтэнэн хаалбыт. Н. Борисов Атахпытыгар сойуустаах хаатыҥкабыт таһынан алдьаммыт баата сону, суорҕаны алдьатан холуоһа тиктэн сылдьарбыт ХС