ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

симэхсин

аат тыл

Нууччалыы персонаж олонхо: старуха-скотница

1 аат тыл #

Олоҥхо персонаһа: хотон үлэһитэ эмээхсин

Нууччалыы Персонаж олонхо: старуха-скотница

  • Сүөһү көрөөччү Симэхсин эмээхсин, сылгыһыт Сорук Боллур уобарастара -- чаҕылхайдык ырытыллыбыттар. Эрчимэн. Сэттэ уоннаах Симэхсин эмээхсин, Сүүрэн иһэн Этэрбэһин быатыттан иҥнэн, Умса баран түстэ.
    С. Васильев
  • Масчыт-отчут аймахха, Симэхсин эмээхсиҥҥэ, Сир аайы, Уон икки суол Улахан түһүлгэлэр буолтар
    ТТИГ КХКК

2 аат тыл #

үөхс. Кырдьаҕас эмээхсини “эн баҕас” диэн сэнээн этии

Нууччалыы Выражает раздражённо-презрительное отношение к старой женщине: ничтожество

  • "Үрбэккэ олор эрэ, симэхсин!" - Сэмэн бэрт өр хоонньун хастан бакыаты таһаарда.
    Амма Аччыгыйа
  • [Күкүр Уус:] Сымыйанан этэриҥ буолуо, симэхсин!
    Суорун Омоллоон
  • "Симэхсин, киэр буол, икки харахпар көстүмэ!" - Сортуохап бардьыгынаата.
    А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. хак. симекчин, сүнекчин ‘слуга; прислуга; рабыня’, др. -тюрк. йумышчы ‘работник, слуга’, монг. шивэгчин ‘служанка’

«С» буукуба