Перевод с якутского
симэх
аат тыл
Нууччалыы украшение
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Кими-тугу эмэ симиир киэргэл, киэргэл оҥоһук
Нууччалыы Украшение
Киһи оҥорор киэргэлэ, симэҕэ, киһи оҥорор ойуута-мандара бу аан дойду отун-маһын ойуутуттан ордук кэрэ буолуох тустаах.
Суорун ОмоллоонКыыс үрүҥ көмүс симэҕэ күн уотугар күлүмнүүрэ -- көрүөххэ кэрэтэ бэрт. Н. Павлов Ат хас хамсаатаҕын аайы оҕуруота, симэҕэ кылырдаан ылара А. Сыромятникова
2 аат тыл #
поэт. Сайыҥҥы айылҕа көҕөрбүт ото-маһа, дьэрэкээн сибэккитэ-сэбирдэҕэ
Нууччалыы Зелёное убранство, зелёный наряд природы
Сир-дойду симэҕэ Сиккирии көҕөрбүт. Күннүк Уурастыырап Сирим-дойдум симэхтэрэ - Сибэккилэр кэрэлэриэн! Л. Попов Хара тыа бочур солко симэҕин анньынар А. Фёдоров
3 аат тыл #
түөлбэ., харыс т. Ымынах, куор, уоспа ымынаҕа
Нууччалыы Сыпь при оспе и кори
Онтон сотору Марыына уонна Өлөөнө [куор ыарыыга] охтубуттара. Оҕолорум өлүөх буоланнар, симэхтэрэ кыайан тахсыбакка, эрэй бөҕөнү көрбүттэрэ даҕаны В. Иванов
4 этии #
Этиилэр
Кылдьыы (хабарҕа) симэх көр кылдьыы 4
Үрүҥ көмүс кылдьыы симэҕин моонньугар кэтэртилэр. Н. Якутскай Хабарҕа симэҕэ (кылдьыы) көмүс буолара. БСИ ЛНКИСО
Сир симэҕэ көр сир II
Быйыл сайылыкка сир симэҕэ олус да үүммүт эбит!
Суорун ОмоллоонАлаас налыы быарыгар күөх төбөлөөх сир симэхтэрэ бытыгыраан эрэллэр. Л. Попов
Өссө холобурдар (2)
Тумул үрдэ сир симэҕинэн киэргэнэн, уус дьахтар аспыт оһуорун курдук, киэркэйэн көһүннэ. М. Доҕордуурап Ср. монг. чимэг ‘украшение, убранство, наряд’, бур. шэмэг ‘убранство; украшения’, др. -тюрк. семэклэ ‘соврешать обряд погребения’