Перевод с якутского
сипсиһии
аат
Нууччалыы разговоры по секрету, секретничанье
1 аат #
сипсис диэнтэн хай. аата. Ньамалас саҥа маҥнайгы утаа килбик сипсиһиини солбуйда. И. Гоголев. Дьон сипсиһиилэрин Одуну ойуун тохтоппута. "Чолбон". Арай, биир балаакка иһигэр Аргыый сипсиһии иһиллэр. А. Пушкин (тылб.)
2 аат #
Атыттар истибэттэрин курдук кистээн кэпсэтии, сэкириэттэһии
Нууччалыы Разговоры по секрету, секретничанье
Сэрии туһунан саллааттар кэпсээннэрэ -- куорат-тыа устун тилийэ сүүрэр. Сир аннынан сипсиһии үксүүр. Н. Якутскай Биһиэхэ биэлсэр кыыс үлэлии тахсыбыт сураҕын сарсыарда оскуолаҕа тиийээт, учууталлар сипсиһиилэриттэн истибитим. П. Чуукаар Билиҥҥиттэн кистэлэҥнээх. Дьону ыытар сурахтарын истээт, Сашатынаан сипсиһии бөҕө этэ ХС
3 аат #
Ким-туох эмэ туһунан олоҕо суоҕу, хобу-сиби кэпсэтии
Нууччалыы Сплетни, пересуды
Кини [кэргэнин туһунан] өһүөннээх сипсиһиини итэҕэйбэт этэ. ХС "Москва туохтааҕар да ордук араас сипсиһиилэри кэрэхсиир", - диэн кини салгыы этэн барда. Л. Толстой (тылб.)