ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сиһик

аат тыл

Нууччалыы ольха.

1 аат тыл #

Күлүк сиргэ ыарҕа курдук үүнэр кытархай хатырыктаах бөдөҥ сэбирдэхтээх мас (сахалар урут хатырыгын уутугар тириини, мас иһити оргутан кытардаллара)

Нууччалыы Ольха. Итинтэн аҕыйах хаамыы иһирик сиһик баар. М. Ефимов. Кинилэр кыра соҕус сиһик талахтары тумна-тумна, тыал түспэт дириҥ аппатыгар киирдилэр. Эрилик Эристиин. Молбо - -- үрдүк мастаах халыҥ ойуурдары, кыһыл сиһиктэри, симилэхтэри быыһынан киирэр түргэн сүүрүктээх үрэх. Н. Босиков

2 этии #

Нууччалыы Быть сильно окровавленным, быть в крови

  • Сиһик хаан (сиһик мунду) буол - наһаа хаанныр, кыа хаан буол Хара тыаны, ортотунан барбахтыы түһээт, сиһик хаан буолбут сиргэ тиийэннэр, тохтуу биэрдилэр.
    Л. Попов
  • Сиһик мунду хаан буолан, Сир ийэ тымныы түөһүгэр Өлөр баастаах биир саллаат Өрө мөхсө сытта.
    Т. Сметанин
  • Сир-дойду сиһик мунду буолла.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • ҮҮ

3 этии #

Этиилэр

Сиһик абаҕата көр абаҕа IV

  • Ср. чув. ширэк, казах. жирэк ‘ольха’

«С» буукуба