Перевод с якутского
сордон
туохтуур
Нууччалыы испытывать, терпеть страдание, мучение; терзаться. [Туйаарыма Куо:] Ыый-ыыйбын!
1 туохтуур #
Сору көр, эрэйи-кыһалҕаны бил
Нууччалыы Испытывать, терпеть страдание, мучение; терзаться. [Туйаарыма Куо:] Ыый-ыыйбын!
Аай-аайбын! Ытаабатах бэйэкэм Ытаахтыы олордоҕум, Соҥуйбатах бэйэкэм Сордонон эрдэҕим.
П. Ойуунускай[Маайа:] Мин сордоох сааһым тухары сордонон сылдьыам буоллаҕа. А. Софронов Эйиэхэ туох буолуой атын дьон сордоноллоро, эйиэхэ туох буолуой атын дьон аччык сылдьаллара С. Ефремов
2 туохтуур #
Күүскүн, сыраҕын биэрэн туран тугу эмэ гын, оҥор
Нууччалыы Делать что-л., прилагая большие усилия. - Хайа, милииссийэҕэ дьону хомуйар туһунан туох үлэни ыыттыҥ? - Тойонуом, сордоно сатаатым да, олох буолбаттар
Сороҕор төһө да үлэлээ, сордон, айаххар үгүөрүтүк тиийэр аһы ылбаккын. А. Фёдоров Тыый, тукаам, ол баччаҕа дылы иитэн сордонон баран, биир ынахпытын атыылаан кэбиһэрбит сүрэ бэрт буоллаҕа дии. МН Н. Хак сортан, кум. чортан