ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сотуун

аат тыл

Нууччалыы сибирская язва

English anthrax

I

1 аат тыл #

Сүөһү, кыыл улахан сыстыганнаах ыарыыта

Нууччалыы Сибирская язва

  • Оҕото сотууҥҥа өлбүт сүөһү этин сиэн тыктаран өлбүтэ.
    А. Софронов
  • Биир сайын идэмэрдээх сотуун ыарыыга буулатан, сүүсчэкэ ынаҕа, сылгытын үөрүн үксэ хотуур отунуу охтубуттар.
    И. Гоголев
  • Былырыын наһаа куйаас дьыл буолан, сотуун ыарыы споралара тиллэн, эпидьиэмийэ туран, биир хоту оройуон табатыгар улахан кутталы уган ааспыта
    Далан
Өссө холобурдар (3)
  • Былыргы итэҕэлинэн, дьиэ сүөһүтүн, кыылы имири эһэр киһиэхэ көстүбэт абааһы. Кини кэлэрин саа эстэрин курдук улахан тыас былыттартан иһиллэн биллэрэр, ол кэнниттэн сүөһү өлүүтэ саҕаланар. Θ По старинному поверью, невидимая сила, злой дух (абааһы), истребляющий домашних животных и зверей. Его появление предвещает грохот, похожий на ружейный выстрел, возникающий где-то в облаках, с которой и начинается падёж скота. Тус арҕаа диэкиттэн Сотуун этиҥин курдук Кураанах этиҥ Куугуначчы этэн кэбистэ.
    Д. Говоров
  • Бырааттаах уолум -- ыраас ытык халлаантан сотуун -илбис этиҥэ тоҕо суодуйан үнтү барчалаабытын курдук суох буолбуттара.
    Д. Апросимов
  • Кырдьаҕастар "Сотуун ыарыы сылгыны саанан ытар курдук өлөрөөччү, өссө онно саа тыаһын истиллээччи" диэн омуннаан кэпсииллэрин үгүстүк истэр этибит. НПИ ССЫа. Русск. шатун
II

2 аат тыл #

Мотуор баала эргийдэҕинэ, онно олорсо сылдьан пуорсаннары олбу-солбу хамсатар мотуор чааһа

Нууччалыы Подвижная деталь, соединяющая поршень с валом двигателя, шатун

  • Биригэдьиир Байбаас от үлэтин үгэнигэр сотуунун тоһуттаран кэлэн, Ууска оҥорторбут.
    Далан
  • Массыына сотуунун тыаһа тиһигэ быстыбакка чачыгырайда.
    М. Доҕордуурап
  • Бу саас хаардаахха сотуун бөҕөнү оҥоро олороро
    ХС

«С» буукуба