ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сүһүрүү

аат тыл

Нууччалыы заражение, воспаление, сопровождающееся припухлостью, краснотой поражённого участка и нагноением

1 аат тыл #

Киһи, сүөһү этэ, тириитэ, ис уоргана иһэн, кытаран, ириҥэрэн барар ыарыыта

Нууччалыы Заражение, воспаление, сопровождающееся припухлостью, краснотой поражённого участка и нагноением

  • Төһө да халыҥ таҥастааҕын иннигэр, тымныы суойан, оһолломмут атаҕар хаан туруута, устунан сүһүрүү бардаҕына көҥүлэ.
    У. Нуолур
  • Гастрит диэн, үксүгэр аалан ыарытыннарар, куртах ис салыҥнаах бүрүөтэ сүһүрүүтүн ааттыыллар. АВТ ГСЭ. Сүрэх ревматизмыгар сүһүрүү процеһа сүрэххэ бэйэтигэр барар
    АВД РОХ

2 аат тыл #

Сүлүһүннээх (дьааттаах) бэссэстибэ дьайыытыттан эт-сиин алдьаныыта, өлүүтэ

Нууччалыы Отравление организма

  • Никотин организмҥа бытархай дозанан киирэр буолан, улахан сүһүрүү тахсыбат. АВГ ТТБТ. Үгүс дьон хортуоппуй дьааттаах астарын – күөх отоннорун – сиэн боруобалаабыттара. Онтон ыарахан сүһүрүүлэр буолуталыыллара.
    КВА Б

3 этии #

Нууччалыы Нагноившаяся рана, язва

Этиилэр

Сүһүрүү баас

тирии эбэтэр салыҥнаах бүрүө ириҥэрбит эбэтэр тымныйан бааһырбыт сирэ Хаан сүһүрүүтэ – ким, туох эмэ организмыгар хаан буорту буолуута.

Заражение крови.

  • Сержант икки атаҕын бааһыттан хаана сүһүрүүтүттэн өлбүтэ. П. Аввакумов

«С» буукуба