ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

соҕоон

даҕааһын

Нууччалыы недушевный или неизящный, грубый, топорный

I

1 даҕааһын #

, кэпс

  • Бу дойдуга үчүгэй иһитчит суох эбит - ыаллар кытыйалара-хамыйахтара соҕооннор, халы-мааргылар.
    Болот Боотур
  • Никон тимир көлө оннугар соҕоон оҥоһуулаах соҕотох сүгэ угун бас билэн сырыттаҕа бу.
    ХС
  • [Эдэр суруйааччыларга] тылы чочуйарга кыһаммат, норуот үчүгэй, минньигэс тылларын туттубат быһыылар [тахсаллар]. Онтон суруйар тыл сыппыыр, соҕоон буолар
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
  • Итийэн-кутуйан үлэлээбэт, ис көҕө суох, көһүүн-көнтөрүк. Θ Пассивный, неэнергичный, нерасторопный. Ити чыыбыгыраабытын, сэһигирээбитин көрүмэ, үлэҕэ ыар, соҕоон киһи
    Н. Босиков

2 даҕааһын #

Иэйиитэ-куойуута эбэтэр ууһа-урана суох, тоҥуй-тоҥкуруун эбэтэр салаҥ

Нууччалыы Недушевный или неизящный, грубый, топорный

3 даҕааһын #

Киһи эбэтэр сүөһү минньигэһиргээбэт, сымсах

Нууччалыы Невкусный, непитательный

  • Сиргэ-тыаҕа сылдьан, дьиэ-уот олоҕор холоотоххо, быдан соҕоон аһылыкка киһи түргэнник үөрэнэр.
    Я. Семёнов
  • Үрэх, өрүс ото соҕоон, сахсархай, сүөһүнү дьүдьэтэр. КНЗ СПДьНь. Араас от үүммүт мэччирэҥэр таба үчүгэйин эрэ талан сиир, соҕоон, хатыылаах өттүн хаалларан кэбиһэр
    СНН ТМТ

«С» буукуба