ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

томороон

даҕааһын

Нууччалыы простой, без изящества, топорный (напр

Ис хоһооно · 6

1 даҕааһын #

даҕ

  • Өлөксөй аҕатын томороон доруобун соспутунан сылдьар.
    Амма Аччыгыйа
  • Тоҕус моҕоллоох, Томороон соҕус тутуулаах Буор холомону Туруорбуттар эбит.
    П. Ядрихинскай
  • Майаҕатта сүрдээх томороон ох сааны нөҥүө кулгаах тааһыгар дылы иэмэх курдук төгүрүччү тардан баран, ыһыктан кэбиспит. Саха сэһ. Киһи сылгы тыһа томороон үтүлүктэрэ балтас гыннылар
    ХС

2 даҕааһын #

Модороон, салаҥ оҥоһуулаах (хол., туттар сэби-сэбиргэли, оҥоһугу, тутууну этэргэ)

Нууччалыы Простой, без изящества, топорный (напр., об изделиях)

3 даҕааһын #

Нарына суох, улахан (киһи сирэйин, илиитин этэргэ)

Нууччалыы Грубый (о чертах лица, руках)

  • "Оттон кырбаан көрүҥ!" – Баһыахтыыр Балбаара икки томороон харытын ньыппарыммытынан барда.
    Амма Аччыгыйа
  • Дьаакыбылап кулуба уолун Сүөдэркэни, төһө да сатабыла суох томороон ньуурдааҕын иһин, ама кыыс сириэх уола буолуо дуо дии саныыра.
    Н. Якутскай
  • Оо, Киһи, уун эрэ күөрэччи Эн чэрдээх томороон илиигин.
    М. Ефимов
Өссө холобурдар (1)
  • "Нохоо, Уулаах! Түбэһэ сылдьаҕын дуу?" – тойон ыйыллаҕас хааннаах, томороон толуу сирэйэ мичиҥнээн кэбистэ
    Эрилик Эристиин

4 даҕааһын #

Модьу, толуу

Нууччалыы Большого размера, внушительный

5 даҕааһын #

Тыйыс, хабараан (тымныы туһунан)

Нууччалыы Суровый, крепкий, лютый (о морозе, климате)

  • Томороон тымныы уоҕуттан Тоҥ мутук булгуруттар.
    Баал Хабырыыс
  • Тохсунньу томороон тымныыта Толоону дэлби тоҥорбуккунан, Тохтоо, олус сананыма!
    С. Васильев

6 даҕааһын #

Мөлтөхтүк айыллыбыт, суруллубут, ууһа-урана суох (уус-уран айымньы туһунан)

Нууччалыы Неудачный, лишённый художественности, изящества, неискусный (о художественном произведении)

  • Суруйуулара маҥнайгы кэмҥэ томорооно.
    Амма Аччыгыйа
  • Ханнык эрэ киһи хоһоон суруйбут, Хатырыктаах-хахтаах томороон хоһоону.
    С. Тарасов
  • Ср. тат. тумыр ʻсделать грубо, топорноʼ + ҕан, калм. томруун ʻкрупный, толстый и крепкий от рожденияʼ

«Т» буукуба