ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хабыр

даҕааһын

Нууччалыы вспыльчивый, нетерпеливый; грубый, суровый, жёсткий

English rude, sharp

Ис хоһооно · 4

1 #

Ыгым майгылаах; куруубай, хаҕыс сыһыаннаах (киһи)

Нууччалыы Вспыльчивый, нетерпеливый; грубый, суровый, жёсткий (о человеке)

  • хабараан диэн курдук. Атыырдар утарыта көрсүһээт атахтарынан өрө турдулар, хабыр хатаннык хаһыытастылар, ыйыластылар.
    В. Протодьяконов
  • Былыта суох хабыр соҕус тыыннаах күн үүнэн эрэр быһыылаах.
    В. Яковлев
  • Арыт силлээбит силлэрэ сиргэ тиийбэккэ тоҥор хабыр тымныыта түһүтэлиир.
    КН ПБ
Өссө холобурдар (3)
  • Ол эрээри сорохтор кини төһө даҕаны хабыр, уолусхан буоллар, олус көнө майгылааҕын, дириҥ өйдөөҕүн эмиэ умнубаттар.
    И. Гоголев
  • Олус туруору, хабыр майгылааҕын бэркэ диэн билэбин.
    И. Семёнов
  • Туһаахап уруккуттан даҕаны бардам майгытынан, хабыр быһыытынан сураҕырара
    СҮК

2 #

Ыарахан, ыар тыыннаах (хол., кэм)

Нууччалыы Суровый, тяжёлый (напр., о времени)

  • Эдэр оҕо киһи олох хабыр чахчыларын тумнан улааттын диирэ. Софр. Данилов. Кырдьан бүппүт диэмэҥ эһиги Сэрии, үлэ хабыр сылларын Кырдьаҕас хомсомуолун
    И. Эртюков

3 этии #

Нууччалыы Очень высокая цена

Этиилэр

Хабыр сыана

олус ыарахан сыана Хабыр сыана диэн дьэ манна баар эбит.

  • НАГ ЯРФС

4 этии #

Нууччалыы Смертельный, ожесточённый бой

Этиилэр

Хабыр хапсыһыы

1) өлөрсүүлээх-өһөрсүүлээх, суостаах-суодаллаах кыргыһыы Ханнык да хабыр хапсыһыы Хаан тохтуута суох буолбат. М. Ефимов. Нэдиэлэ кэриҥэ хабыр хапсыһыы кэнниттэн аҕыйах хонукка сынньалаҥҥа тахсыбыттар. П. Чуукаар. Онтон салгыы үйэ аҥаарын анараа өттүлэринээҕи сыллар хабыр хапсыһыылаах түгэннэрин өйгөр сааһылыы охсон ылаҕын. "ББ"; 2) улахан тыҥааһыннаах, эрийсиилээх күрэхтэһии.

Напряжённая схватка (в состязании).

  • Мартыын уонна Дуолан Хара тусталлар, хабыр хапсыһыы буолар, хайалара да сабырыппат.
    И. Гоголев
  • Кинилэр хаһыыларыттан-ыһыыларыттан сылыктаатахха, көбүөргэ хабыр хапсыһыы бара турар чинчилээх.
    Е. Неймохов
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. халх. хавир ‘быть в ссоре, жить не дружно’

«Х» буукуба