Перевод с якутского
тоттук
даҕааһын, аат тыл, сыһыат
Нууччалыы дерзкий, наглый от пресыщенности жизнью
English rude, offensive
1 даҕааһын #
Тот (дэлэй астаах-таҥастаах) буолан бардам, баламат майгылаах (ордук оҕоҕо тут-лар)
Нууччалыы Дерзкий, наглый от пресыщенности жизнью
Оҕолорум сордоохтор -- Тоттук оҕолортон Тобулута сынньыллан сордонуохтара.
Өксөкүлээх Өлөксөй[Хачыгырга] тоттук уол ыстанан кэлэн, баттаҕар түстэ. Эрилик Эристиин Баһыкка Ньургуһуну Сэрбэкэ кинээс тоттук уолугар Мардьааһайга сыыттыыр Т. Сметанин
2 аат тыл #
суолт. Баай-тот олохтонон тугу да туохха да холообот бардам киһи
Нууччалыы Сытый, дерзкий человек
Бардам бааралаата, Тоттук тоҕуоруйда. С. Зверев Аччыкка бары ас амтаннаах, Тоттукка тоҥ хаһа да сымсах Айталын
3 сыһыат #
суолт., кэпс. Кыһалҕаны билбэккэ, аччыктаабакка
Нууччалыы Безбедно, сытно
Аны кыыл баар буолан, тоттук олоробут. А. Софронов "Аартыктар" сүөһү аһылыгар тутайбатахтара, тоттук, эмистик туораабыттара. Э. Соколов Дохуоттарын таһыгар элбэх таба сүөһүнү ииттэн, айахтарыгар баҕас тоттук олороллоро Чолбон