Перевод с якутского
суба
аат тыл
Нууччалыы мездра
1 аат тыл #
Сүөһү, кыыл этин тас хаҕа, хах этэ (сүлэргэ үксүгэр тириитин кытта барсар, онон тирии субалаах диэн буолар)
Нууччалыы Мездра (слой подкожной клетчатки у животных)
Субатын ыытымаары киччирэһэбин диэн, тириитин хас эмэ сиринэн бааһырдан кэбистэ. В. Яковлев Таман эт, сыа, суба тирии өҥүгэр хаалбатын диэн, биир тэҥ, ып-ыраас гына кыһыаҕынан ылаҕын. АНП ССХТ. [Дьахталлар] кыыл тириитинэн, субатын, сыатын ыраастаан баран, таҥас тигэллэрэ КФП БАаДИ
2 аат тыл #
Мас хатырыгын иһинэн сымнаҕас, чараас араҥата
Нууччалыы Молодой и менее плотный слой древесины, лежащий непосредственно под корой, заболонь
Ол тиит хатырыгын ис субатыгар тиийэ туох эрэ хастыы анньыбыт этэ. Софр. Данилов. Амарах тайҕам! Сут дьылга Эн бэһиҥ субатынан, -- Тыыммын уһатарыҥ. И. Гоголев Мас субатын хатара-хатара хааччынара. Кэлин ону кырбаан үөрэ хааһы буһарара И. Данилов
3 аат тыл #
Киһи тириитин, сирэйин өҥө
Нууччалыы Цвет кожи, лица
Суунан-тараанан, ырааһыран Субам туртайбата. С. Тарасов Туоратык көрөрүҥ сатаммат Субатын өҥүнэн атын диэн. С. Данилов Хат сылдьан кини ийэтэ Хаары супту одуулуур этэ: Ол иһин кыыһын субата Тунах маҥан буолбута. В. Чиряев
Өссө холобурдар (1)
Ср. чув. хупа ‘луб’