ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

суорус

туохтуур

Нууччалыы выситься, возвышаться

1 туохтуур #

Үөһэттэн өҥөйөн турар курдук үрдүк, туруору көрүҥнээх буол

Нууччалыы Выситься, возвышаться

  • Арыт маҥан оппуоха хайалар кылбаһаллар, арыт киһи курдук туруук таастар кэккэлээн суоруһан тураллара көстөр.
    И. Гоголев
  • Кини -- санаатыгар, түҥнэстибит тыыны кытта бииргэ сыыр хааһын үрдүгэр суоруспут хойуу тииттэр, тирэх мастар салҕалас буола түһээт, төбөлөрүнэн уу диэки куоҕастыы умсан эрэргэ дылы буоллулар
    ХС

2 туохтуур #

Дьиппиний, нүһэрсий

Нууччалыы Принимать угрюмый, мрачный вид

  • Маҥан былыт хаастарын Сабырытаат, букатын Саҥарбакка хайалар Өссө сөҥнүк суорустулар.
    И. Гоголев
  • Ыраах хайалар тараҕай төбөлөрө номнуо хаар ураанньыктанан суоруһан олороллоро көстөр
    Н. Заболоцкай

«С» буукуба