ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чочой

туохтуур

Нууччалыы возвышаться, выситься над чем-л., торчать

туохтуур

дьүһ. туохт. Туох эмэ үрдүнэн хоройон көһүн (туох эмэ уһун синньигэһи этэргэ)

Нууччалыы Возвышаться, выситься над чем-л., торчать (о чём-л. длинном и тонком)

  • Күн аннын диэки ханнык эрэ тулаайах булгунньах чочойон көстөр.
    Н. Заболоцкай
  • "Дьокуускай дьонобут", – Павел Петрович, мотуоркатын быатын чочойон турар маска баайа-баайа, аа-дьуо эппиэттиир.
    С. Никифоров
  • Хардыы [киһи аата] көрөн олордоҕуна, ыраах чочойон көстөр вышка үрдүнэн үөр туруйа сэлэлээн киирдэ.
    В. Титов
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. кирг. чочой, казах. шошай ʽторчатьʼ, монг. цоҕойх ʽбыть кувшинообразнымʼ

«Ч» буукуба